Хаһан эрэ саһыллаах бөрө кыттыһан аһыыллар эбит. Кыһын аһыылларын сайын мунньаллар. Биир саас ыаҕас хайаҕы таптайан хаһааммыттар. Ол хаһааммыттарын «олох өлөөрү гыннахха сиэхпит» диэн ончу сиэбэттэр.
Саһыл туран биирдэ бөрөҕө:
– Бөрөкөөс, ээ бөрөкөөс! Хайахпытыттан киллэрэн сиэбэппит ээт, – диир.
Бөрө улаханнык:
– Оок, – диир. – Билиҥҥиттэн хайах сии олороору гынныҥ дуо? Бөҕү-саҕы сиэн олорон эрдэхпит дии.
Итинтэн саһыл турар-олорор, киирэр-тахсар. Эмиэ этэр:
– Оҕонньоор, мин ыалга бараары гынным эбээт.
– Ол хайа ыалга бараҕын? – диир бөрө.
– Ээ, ханна ыраатыамый? Хара Хааннаахха тахсаа инибин.
– Кэһиигин аҕалаар эрэ, – диир бөрө.
Саһыл сырбас гынан хаалар. Дьэ тахсар да оҥкучаҕар киирэр. Хаппаҕын саралаан хайаҕын дэлби сиир, минньигэһиргэтэн сии олорон, үрүт сигэтигэр тиийэ сиэн кэбиһэр.
– Тыый, бу баҕайы өлөрүөҕэ, ордук кыайдым дуу, – диир.
Муннугар-уоһугар, илиитигэр-атаҕар сыстыбыт хайаҕы ньиккэйэн-ньиккэйэн, куурусса сымыытын саҕа биир тооромос хайаҕы кэһиилэнэр. Оргууй аҕайдык ньылбыҥнаан киирэн кэлэр.
– ¤ы-һыы, номнуо кэллиҥ дуу? – диир бөрө.
– Ээ, кэлиминэ. Хайа үөдэҥҥэ барыахпыный?
– Хайа, ыалыҥ тугу гынан эрэллэр?
– Ээ, ыалбар үөрүү-көтүү бөҕө.
– Ол ким үөрбүт, туохтан?
– Улахан кийииттэрэ оҕоломмут, ол ородьуунатыгар сырыттым.
– Тугу аһаатыгыт онно?
– Хаҥас диэки хайах сиэтибит, уот кытыытыгар оһоҕос сиэтибит, суол ааныгар суорат сиэтибит, биллэриккэ миин испиттэр, уҥа диэки баар дьон улааны сиэбиттэр, сатанах төрдүгэр олорон саламаат сиэтилэр.
– Оо, тугун элбэҕэй? Хайа, оттон кэһиигин аҕаллыҥ дуу?
– Ээ, ол аахтахха элбэҕин иһин, бэрт дуона суох тиксэр. Бу быыкаайык хайах сыыһа аҕаллым, маны хабан көрөөхтөө! – кэһиитин дуомун ылан талыр гыннарар. Бөрө хап гыннаран кэбиһэр.
Үс-түөрт хонукка аччыктаан иэгэлдьиһэ-иэгэлдьиһэ олороллор. Аһаабыт-сиэбит киһи саһыл кэм сэниэлээх, туран уот оттор хайыыр. Биирдэстэрэ түүрүллэн, муннун кутуругун төрдүгэр анньыбытынан сытар. Саһыл эмиэ бөрөтүгэр этэр:
– Оҕонньоор, Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын ээ?
– Ээ, барбаппын. Хара Хаан ыта сиэн кэбиһээ ини миигин.
– Чэ, оччоҕо мин барарым дуу?
– Ээх, чэ бар. Кэһиигин аҕалаар, кэһиитэ суох кэлээйэҕин.
– Ээх сөп! – диир саһыл. Тахсар да сырбас гынан хаалар.
Баран эмиэ оҥкучаҕар киирэр, саар ыаҕаһын иһигэр дьылыс гына түһэр. Дьэ хайаҕын сиэн барар. Алын сигэтигэр диэри сиэн-сиэн кэбиһэр. Туолан, тотон баран, муннуттан-уоһуттан, илиититтэн-атаҕыттан кыһыйан-кыһыйан, биэстээх оҕо сутуругун саҕа хайаҕы мөкүнүтэн кэһиилэнэн кэлэр.
– Хайа, тукаам, тоҕо өр буоллуҥ? – диир бөрө.
– Малааһыҥҥа сырыттым.
– Ол туох малааһынай?
– Орто кийиит оҕоломмут.
– Кими төрөппүтүй?
– Уол үһү.
Сити курдук, кэпсэтэ-кэпсэтэ, эмиэ уон-сүүрбэ хонук устатыгар сылдьаллар.
Саһыл этэр:
– Бөрөкөллөй, туох эрэйин көрөбүт? Хайахпытын сиэххэ эрэ, —диир.
– Бэлиэр хайах сиэри гынныҥ дуо? Тохтуу түс.
Саһыл эмиэ киирдэ-таҕыста, ньылаҕалдьыйда, тэһийбэтэ:
– Оҕонньоор, – диир, – ыалбытыгар Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын дуу, тоҕо биирдэ даҕаны бара сылдьыбаккын?
– Ээй, хайа, мин бардахпына, «үрүҥ-хара түүлээхпитин үргүтэ кэллэ» диэн ыттарын барытын үрдэрээ ини.
– Чэ, оччоҕо эмиэ мин барыым, сөп дуу? – диир.
Саһыл тахсар да оҥкучаҕар көтөн түһэр. Хайаҕын барытын сиэн-сиэн кэбиһэр. Саар ыаҕас сиксигин эҥинин кыһыйан, буорга-сыыска бытарыйбытын хомуйан, торбос үтүлүк эрбэҕин саҕа тооромос хайаҕы хонноҕун анныгар кыбытан киллэрэр. Ити кэлбитигэр бөрөтө:
– Оо, өр да буоллуҥ, – диир.
– Бэстилиэннэй баалга түбэстим ээ дьэ, – диир.