Тыллаах буолар чабырҕах

Иирбэ-таарба эриллэҕэс,

Истээн-тастаан бүгүллэҕэс,

Тоҕус төгүл тоһуттаҕас,

Токур-бокур олуллаҕас

Тыллаах буолар чабырҕах.

Чабырҕахсыт тыла сымса,

Чабырҕахсыт тыла сытыы,

Чабырҕахсыт тыла ыраас,

Чабырҕахсыт тыына уһун

Буолуох тустаах, атастаар.

[14, 35 с.]

Загрузка...