Багдарыын Сүлбэ араас өрүттээх үлэтин сэргэ наукаҕа үлэтин хайысхатынан, Саха сиригэр ааттары үөрэтиини саҕалааччы, ааттарга соҕотох бөдөҥ картотеканы тэрийбит киһи быһыытынан биллэр. Кини Саха сирин бары улуустарын уонна ыаллыы сытар атын уобаластар, кыраайдар оройуоннарын кэрийэ сылдьан сир аатыгар, саха устуоруйатыгар сыһыаннаах матырыйааллары хомуйбута уонна картотекатыгар түмпүтэ, сааһылаабыта. Картотека үс сүрүн салаалаах: сир аата, киһи аата уонна географическай тиэрминнэр. Карточка уопсай ахсаана 500 тыһыынчаҕа чугаһыыр. Хомуллубут матырыйаалга тирэҕирэн Багдарыын Сүлбэ уонтан тахса кинигэни суруйан норуотугар сүдү бэлэҕи хаалларбыта.
Тыл, литература уонна история институтугар үлэлии сылдьан 1983–1988 сыллардаахха «Словарь местных географических терминов» диэн научнай үлэтин суруйбута (рукопись). Тылдьыт 4556 словарнай ыстатыйалаах, уопсайа 30 бэч. л. ордуктаах улахан үлэ. Манна олохтоох омук географияҕа, тулалыыр эйгэҕэ, сиргэ-уокка билиитин, сыһыанын көрдөрөр тыллары түмпүтэ. Багдарыын Сүлбэ бу үлэтин матырыйаалын саха бүттүүн тылыттан уонна түөлбэ тылларыттан, наука, суругунан уонна норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан, ону сэргэ бэйэтэ хомуйбут баай матырыйаалыттан сыымайдаан, биир сүрүннээн сааһылаабыта. Тылдьыкка эбэҥки, эбээн, дьукаагыр, чукча тылын тиэрминнэрэ киирбиттэрэ. Бу тыллар сүрүннээн бэйэтэ хомуйбут матырыйаалыгар көстөллөр.
Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэрин» тиһигэр киирсэн, илиинэн суруллубут «Словарь местных географических терминов» үлэтэ, ГЧуоХААОПҮөИ саха тылын салаатыгар көрүллэн, ырытыллан, «Словарь топонимной лексики Республики Саха: местные географические термины и понятия» диэн ааттанан бу бэчээккэ бэлэмнэнэн тахсар. Бу тылдьыт тахсарыгар үлэлэспит биир идэлээхтэрбэр барҕа махтал тылы этэбин.