Улуу Элиэнэ хочотугар
Ытык киһи Эллэй олоҕор
Үөскэбитэ үс саха,
Төрөөбүтэ түөрт саха —
Аар Айыы ыйааҕынан.
Тыгын эһэбит булгунньаҕар,
Сайсары эбээ кытылыгар
Этиллибитэ кэс тыл,
Тэриллибитэ кэскил —
Аар Айыы ыйааҕынан.
Бөҕөргүүр өбүгэ ситимэ,
Түргэтиир өй-санаа тэтимэ.
Иэспит «һай-һат» түһэрии,
Ирбэт тоҥҥо ииттинии
Аар Айыы ыйааҕынан.
Улааттар улааттын уруйбут,
Алгыстаах-алыптаах олохпут.
Туругур төрүт тутул,
Туолуохтун ытык анал
Аар Айыы ыйааҕынан.
В долине священной реки Лены,
При жизни великого Элляя,
Были новые зачаты гены,
Род Саха ты наша кровь родная,
Жизненна в священной Ойкумене.
На кургане прадеда Тыгына,
На берегах озера Сайсары,
Сказано величие почина,
Будущее было в циркуляре,
Лучиком священного рубина.
Несгибаемая воля предков,
Всё тревожит наше сознание,
Долг исполним мы святых заветов,
В вечном холоде выживание,
Знания священного секретов.
Окрыление мечтой общее,
Жизнь дарует благословенную,
Право свято в вечности спящее,
Предназначено в любовь вечную,
Яркость солнечную таящее.