Сарсыарда эрдэлээн уһуктан
Түннүгүм сабыытын арыйдым,
Саҥа хаар үллүктүү турарын
Көрөммүн олуһун долгуйдум.
Омуммар мин сүүрэн тахсаммын
Ол хаары ытыһан ылбытым,
Ахтыбыт эбиппин сүрдээҕин
Айылҕам бу кэрэ бэлэҕин.
Сырдык хаар үллүктүү тэлээрэн
Санныбар, баттахпар олордо,
Саҥа хаар сып-сырдык дьүһүнэ
Сылаастык дьолунан толордо.
Сарсыарда эрдэлээн уһуктан
Түннүгүм сабыытын арыйдым,
Саҥа хаар үллүктүү турарын
Көрөммүн олуһун мин үөрдүм.
Я проснулся, спозаранок, на заре,
Распахнул враспашку, настежь я окно,
Настелился снег сегодня на дворе,
И волнение горит в душе одно.
Я взволнован, быстро выбежал во двор,
Свежий снег руками я схватил тотчас,
Очень я соскучился, слепит мой взор,
Серебром природы чистотою наст.
Благородным снегом устлана земля,
Снег ложится, нежным пухом на луга,
Первый снег сверканьем граней хрусталя,
Вновь наполнил счастьем жизни берега.
Я проснулся, спозаранок, на заре,
Распахнул враспашку, настежь я окно,
Настелился снег сегодня на дворе,
И, щемяще, сердце радостью полно.