Сырдык санаам ырыа буолбут киэһэтигэр,
Санаан кэллим эйиигин, мин Сунтаарым,
Эйиигиттэн көрдөһүөм этэ биири
Мин нарын иэйиибэр биһиктэн диэммин.
Мин Сунтаарым, сырдык сулус буолан,
Өрүү тыгар, түннүкпүн сырдатар,
Мин уйан сүрэхпин долгутаҥҥын,
Утуйдум, бүгүн мин санаабар куустаран.
Уостубат тапталбын илдьэ кэллим эйиэхэ,
Ахтылҕан куруһун санаабар кистээн,
Чуумпу Бүлүү налыы кытылын
Үрдүгэр биир уран сүтүкпүн ирдээн.
Түүҥҥү көҥүл санаам тэһийбэт,
Түгэн дьоло да миигин уоскуппат,
Умнуллубат ол биир кэрэ мичээр,
Сырдыгын бу сиргэ, суохтуубун сэмээр.
Сложились песней в лунный вечер,
Все мысли светлые мои,
К тебе стремлюсь, Сунтар мой вечный,
Мы в чувствах нежных состоим.
Ты яркой звёздочкой Вселенной,
Свети свечой в моё окно,
Волнуясь сердцем вновь, смятенной,
Заснула я в объятьях дум.
Неиссякаемой любовью,
Тоскую, пряча грусть к тебе,
Вилюй родной, хочу с тобою,
Коснуться я к родной земле.
Ночной порой я вспоминаю,
Твою улыбку сквозь года,
Весну любви не забываю,
Скучаю, в снах бы повидать.