Күн айыы сирэмэ ини
Сиигинэн илгийдэ,
Имэҥи түһэрдэ ини
Иэйиини иҥэрдэ.
Аламай уруҥ күн
Алаарыйа сырдаата,
Аламай уруҥ күн
Алаарыйа сырдаата.
Сир – халлаан силбэстэ ини
Сырдык тыын билиннэ,
Сир – дойду симэҕэ ини
Силигилии ситтэҕэ.
Күн көмүс күлүмүн ини
Күөрэгэй көрүстэ,
Саргыны салайсан ини
Санааны сандаарта.
Несомненно сотворило солнце,
Всё раздолье, росами объяв,
Затаённость, чувствами эмоций,
Переливом изумрудных трав.
Ясное и тёплое светило,
Воссияло снова на заре,
Посмотрите, без сомненья, мило,
Солнца луч в рябиновом костре.
И земля простилась с звёздным небом,
Задышала вновь свободой жизнь,
Родины краса – священный эпос,
Где времён любви святая нить.
Отблеском сиянья золотого,
Жаворонка голос зазвенел,
Жизнь счастливой будет добрым словом,
Лучик солнца в думах ясных спел.