Иччи. Сибиэн. Абааһы

Алаас иччитэ

Хара уоспа абааһыта

«Таатта Чөркөөҕүттэн чугас баар Буор Булгунньах диэн алааска үс балаҕанынан, биир ампаар дьиэҕэ олорор ыал кыстыктарыттан сайылыкка тахсыбыттарын сахсаана ааспыт, үөрүүтэ, малааһына оҕо-аймаҕы уйгуурдубут күннэрэ умнулла быһыытыйан барбыт кэмэ этэ. Киэһээҥҥи чэй кэнниттэн ынаҕы хомуйуу, ыам чугаһаан эрэрэ. Титииктэр олбуордарын иһигэр түптэ буруота унаарыйан, чуумпу халлаан диэки тардыстан өрө субуллар.

Оннук нуһараҥ киэһэҕэ тэҥкэ тыатын үрдүнэн икки атахтаах кулгааҕын таһынан киирэр ыһыы-хаһыы дуорайда. Эмиэ да сарылыыр, часкыйар. Ынах маҥырыырыгар, атыыр оҕус айаатаан мөҥүрүүрүгэр, атыыр сылгы имэҥнээхтик кистээн дьырылатарыгар ханан да маарыннаабат. Куолаһа чиҥэ-чаҥа, дуораана сүр үлүгэрэ. Айыы сирин дьонуттан адьас атын адьарай бадахтаах.

Сайылык дьоно оҕолуун-уруулуун бары тахсан иһиллээн, саҥата суох ах бардылар. Мантан соччо ырааҕа суох Лэкиэски Уола диэн ааттаах улаханнык иирбит, эдэр сааһыгар ол кырыыстаах ыарыыга муҥнаммыт эрэйдээх аҕатыныын олороро. Кини от-мас тыллыыта бэргээн, туох да ааттаах киһитигэр бэриммэт, туттарбат туруктанан, атах балай барыталыыра. Ким эрэ: «Ол сордоох кэбилэнэн иһээхтиир быһыылаах», – диэтэ.

Бары дьиэлэригэр симиллэн, ааны хатаныы, өссө олбуордарын аанын кытта сабыы, сүллүгэһин олуйуу кытаанаҕа буолла. Биир бэйэтин балачча кыанар, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу, Дьөгүөр диэн сүүрбэтиттэн саҥа тахсан эрэр уолларын: «Кытаанах, соҕооччу маста булун. Ол дьаабал наһаалаан киирэн бардаҕына, онтукаҕынан куттаан, мантан үүрэ сатаар», – дэстилэр.

Дьиэлэрин илин, хоту диэки түннүктэринэн көрүү-истии буолла. Улаханнык тыыммат кэриэтэ бары иһийдилэр, кыра оҕолор барахсаттар ийэлэрин кэннилэригэр састылар. Оттон били баҕайы айдаана-куйдаана эбии сүрдэммит. Бэйэлэрин киһилэриттэн адьас атын иирээки иһэрэ билиннэ. Иирээкини ааһан, илэ дэриэтинньик киэнэ идэмэрдээҕэ. Киһи куйахата күүрэр, этин сааһа аһыллар, көхсүгүнэн туох эрэ өрө-таҥнары сүүрэкэлиир. Аанньанан ааспат, мээнэнэн буулаабат күтүр күн көрөн турдаҕына, күөх халлаан өссө да сып-сырдык ньуурдаах эрдэҕинэ, бу алаастарын буллаҕа.

Дьөгүөр сөп соҕус чиргэл маһы титиик күрүөтүн ааныттан сулбу тардан ылла. Онтон халдьаайыны таҥнары сүүрэн киирбит киһи Лэкиэски Уола буолуохтааҕын оннугар отой да атын харамай, илэ абааһы бэйэтинэн атаралаан, ойон ахан иһэр эбит. Сирэй-харах ханан баара дьаабыта биллибэт, чуоҕур диэххэ чуоҕура суох, хара диэххэ харата суох, бүүс-бүтүннүү, баһыттан атаҕар диэри, түү киһи буолан биэрдэ. Уҥуоҕунан улахана сүр. Туох аанньа хоһоон кэлиэй, таах ый да хай аҥаардаах, ынырыктаах хаһыы-ыһыы аргыстаах үөдэн. Кэнниттэн айдаан бөҕөтүн түһэрэн, сайылык ыалларын уонча ыта эккирэтэн иһэр. Амырыын кыылы хаайбыт, туппут кэриэтэ ыйылыы-ыйылыы үрэллэр, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы түһэллэр. Оо, кини бэйэлээх ол алаас тэлгэһэтиттэн тэйбэтэх саха ыттарын, иннигэр киллэриэхтээҕэр буолуох, ситтэрэрэ да диэн кэлиэ дуо?! Тэппит атаҕын кубулуппакка, ыһыытын-хаһыытын уҕарыппакка, соннук син балачча уһун алааһы туораан, арҕаа диэки ойо турда.

Онтон үс биэрэстэлээх Долборуктаахха тиийэн, түөрт дьиэнэн сайылаан олорор ыаллар алаастарын илин халдьаайытын үрдүгэр турар кэрэх тииккэ ыттан тахсан, олоро биэрдэ. Ыттар ол сайылык ыттарыныын холбоһон, бары моргуордаан, тула көтө сылдьан үр да үр буоллулар. Алаас дьоно ол хаһыы, ыт ньаргыара булкаастаах айдааны эрдэттэн истэннэр, эмиэ бары кэриэтэ тахсан одууластылар. Чочумча буолаат, били сүрэхтэрин-быардарын быллыгыраппыт, уйаларыгар ууну кута сыспыт баҕайылара ханна дьылыс гыммыта биллибэккэ, эмискэ суох буолан сүтэн хаалла. Ыттар да ах бардылар, хайдах эрэ куттара-сүрдэрэ баттаммыттыы туттан, иһиллэр-иһиллибэттик ыйылыы-ыйылыы дьиэлэрин буллулар.

Дьэ онтон доҕоор, ити эргин, бүтүн Таатта улууһун саба бүрүйэн, хара уоспа диэн дьулааннаах ыарыы өрө турбат дуо! Ол дьыл ити сатана саспыт кэрэхтээх алааһыгар сайылаабыт түөрт дьиэ дьонуттан үс ыал, биир да киһи ордубакка, бука бары имири сотуллаллар, суорума суолланаллар. Бары Слепцовтар этилэр. Илин халдьаайы анныгар турар дьиэлээх Кириил оҕонньордоох эрэ тыыннаах ордоллор.

Бүтүн улуус үрдүнэн ол амырыыннаах ыарыы, сут аһыҥата ходуһаны буоругар диэри салаан ааһарыныы, төһө киһи дууһатын илдьэ барбыта буолла…»

Маны кэпсээбит, хомсомуолтан саҕалаан партия уонна сэбиэскэй былаас оройуоннааҕы тойонуттан республика таһымыгар тиийэ дуоһунастаммыт, хомуньуус ааттааҕа киһи этэр: «Ол уоспаҕа сутуллубут чучунаалара диэннэрэ буолуохтаах. Бүкпүт алааһыгар ханна эрэ тыаҕа, ойуурга ыарыы сиэн оҕуннаҕа, сайыҥҥы куйааска сытыйдаҕа-ымыйдаҕа, эбэтэр суор-тураах, үөн-көйүүр, баҕар, ыт да аһылыга буолан хааллаҕа. Онтон сүдү сыстыганнаах, салааһыннаах уоспа курдук ыарыы турдаҕа, тарҕаннаҕа дии».

Этэр эттэҕинэ, эмиэ да оруннаахха дылы. Ол эрээри чучунаалара диэн тыыннаах харамайын дуу, кыыл барбыт киһитин дуу чопчу быһаара иликпит ээ. Оччотугар хайатын итэҕэйэбит? Аны ити кэпсээнньиппит өссө туох диирин истиэҕиҥ:

– Ити алааска эбэм биирдэ миэхэҕэ дьикти атах суолун көрдөрбүттээх. Ол кыыл дуу, илэ абааһы дуу киэнин. Кини киһи икки арда үстүү атар хаамыы холобурдааҕы үктээн ааһар эбит. Уллуҥаҕа батарыта баттаан хаалларбыт сиригэр сытыган эрбэһин үүнэн тахсыбыт. Ону батыһа көрдөххө, ыраахха диэри барбыт улахан бэйэлээх атах суола буолан субулла сыталлар. «Бу сайылык хабайар хаба ортотунан абааһы киирэн сүүрэн атаралаан ааспытын оспот-сүппэт, хаппат-куурбат бэлиэтэ. Ол оччотооҕу ыар үйэ туоһута буолан, уонунан сылларга тиийэн кэллэҕэ» диэн быһаарбыта эбэм эмээхсин.


П. Седалищев

Чурапчы

Сибиэн

Эбиэс хомууругар субуотунньукка тахса сылдьан, уонча буолан биир ампаарга отууланабыт. Кэлбиппит өр буолан, кэпсээммит аҕыйаан: «Эн кэпсээ, мин кэпсээ!» – дэһэр буоллубут. Биир киэһэ мин үөлээннээҕим Уус Костя тылланар саҥата иһилиннэ: «Мин кэпсээн көрүүм. Олоҕум устата кимиэхэ да кэпсии иликпин». Киһибит саҥата хайдах эрэ долгуйбут курдук: «Мин оҕо эрдэхпинэ дьонум Кур диэн сиргэ отордуу тахсыбыттара. Букатын хойукку күһүн этэ. Биһигини кытта Өксүү диэн мэнэрийэр дьахтар, уоллаах кыыһынаан дьукаах олороллоро. Өксүү субу-субу манна сибиэн, онно абааһы дии-дии биһигини куттуура, оронун үрдүгэр барыта эмэгэт, быа-туһах бөҕө ыйанан турар буолара.

Киэһэ аайы, дьоммут титииккэ бардахтарына, биэс оҕо бэйэбит эрэ хааларбыт. Оннук киэһэлэртэн биирдэстэрин өйдөөн хаалбыппын. Ороҥҥо ыйдаҥа түспүт сиригэр оонньуу мустубуппут. Ол кэмҥэ ким эрэ дьулаан баҕайытык үөһүн тартарда. Көрө түспүппүт, дьиэбит аанын аһан, улахан баҕайы күп-күөх марбайбыт сирэйигэр ыһыллан түспүт баттахтаах, көҥкөлөй уһун ырбаахылаах эмээхсин киирэн, талах сиппиири ылаат, сиппийбитинэн барда. Улахаммыт Муся: «Бааскаа, кыптыыйы аҕал!» – диэтин кытта, уол остуолга сытар кыптыыйы хаба тардан ылла. Эдьиийбит кыптыыйынан бырахта да, ханна тиийэн түспүтүн билбэтибит. Эмээхсин хап-сабар сиппиирии уураат, тахсан барда. Күн киэһэрдэ. Кэмниэ-кэнэҕэс дьоммут тиийэн кэллилэр. Бааска ийэтэ киирээтин кытта утары сүүрэн тиийэн: «Ийээ, ийээ биһиги күөх эмээхсини…», – диэн эрдэҕинэ ийэтэ, ким эрэ истиэ диэбиттии симиктик, ол гынан баран күүскэ баҕайы: «Чот! Айдаарыма, билэбит», – диэн саба саҥарда. «Дьоҥҥо мээнэ кэпсээн оҥостумаҥ!» – диир этэ. Онно туох төрүөттээҕин улахан дьон билэллэр эбит. Өскө «күөх эмээхсин» дьиэни сиппийэн, оҕо сытар сиригэр тиийбитэ буоллар, оҕо өлүөхтээх эбит. Бу тугуй? Чугаһынан ыалы кэрийэр, ыалдьар да, көннөрү да эмээхсин суоҕа үһү. Көрбүт эмээхсиммит оҕону өлөрөн тугу туһаныа эбитэ буолла?».


«Ыйтан кэлбит»

Сылаҥ, Чурапчы

Абааһылар

Билигин киһи көтөр тэриэлкэни көрдөҕүнэ даҕаны, дьиктиргээбэт кэмигэр олоробут. Оттон былыр алаас абааһы адаарыҥнас этэ диэтэххэ улахан омун буолбат ини. Хайа-хайалара даҕаны айылҕа дьиктилэрэ дэнэн эрдэхтэрэ. Айылҕа барахсан таайыллыбат кистэлэҥнэрэ хонон турдах аайы хойдон иһэллэрэ сүрүкэтэ бэрт. Олортон сорох-сорохторуи, илэ бэйэм көрбүттэрбин, кэпсээтэхпинэ, эмиэ түптэлээтэ диэххит да буоллар, итэҕэйээччи итэҕэйдин, итэҕэйбэт итэҕэйбэтин.

Дьэ онон…

Чөчүөккэ

Күүлэкээн диэн сайылыкка үспүн саҥардыы ааһан эрэр бэдик чөчүөккэ кэлэрэ диэни көрөн турардаахпын. Оччолорго остуоруйаны да удьумаайдаабат уу ньуулдьаҕай оҕо этим. Онон дьон кэпсиирин өйбөр оҥорон көрүөх туһум суох.

Сайылык оҕолоро сыһыы уҥуор олорор ыалга мустан оонньуур идэлээхтэрэ. Миигин, боҕуу гынымаары, утутан кэбиспиттэр. Куйаас баҕайы күн хатыйа күрүө күлүгэр утуйа сытан уһукта биэрдим. Оҕолор уҥуор оонньоон аймалаһалларын көрөрүн көрдүм эрээри, тоҕо эрэ онно барбатым. Сөрүүнү талаһан дьиэҕэ киирэр киһи буоллум. Туруорбах балаҕан хаптаһын аанын атытан иһирдьэ көтөн түстүм. Арай көмүлүөк оһох хаҥас өттүгэр, холумтан үөһэ үүт-маас бэйэм курдук сыгынньах, хаһан да харахтаабатах оҕом турар. Аан тыаһаабытыгар кэннин хайыһан мин диэки көрдө. Онно көрдөхпүнэ, куп-кугас баттахтаах, күп-күөх харахтаах. Иккиэн уун-утары көрсөн баран турдубут. Уота өспүт оһох күлүн хаспыт быһыылаах, илиитэ хап-хара.

Төһө өр утарыта көрсөн турбуппут буолла, аан бастаан кини хамсаата. Миэхэ утары кэлиэх курдук эргиллэн эрдэҕинэ, хаһыытыы түһээт, таһырдьа ойдум да, дьэ уонна, ытаан марылыы-марылыы, сыһыы уҥуор олорор ыалга муҥ кыраайбынан түһүнэн кэбистим. Тиийэн тугу көрбүппүн кэпсээн биэрдим.

Кэлин улаатан баран чөчүөккэ диэннэрин кэпсииллэриттэн иһиттэхпинэ, үүт-үкчү мин көрбүт оҕобун ойуулааччылар. Онон чөчүөккэни, дьонтон истибэккэ сылдьан, бэйэм эт харахпынан көрбүтүм уонна онтон ыла айылҕаҕа баар ол-бу киһи ылбычча итэҕэйиэ суох көстүүлэрин сэргиир идэлэммитим.

Кустуу сылдьан

Сеня диэн табаарыспынаан Таалаҕа кустуу бардыбыт. Күн арҕаалаан турара. Арай туран ойуур отун-маһын тоҕо барчалаан сыһыыга көтүөккэлэһэн киирдибит. Саҥардыы суолга тахсыах курдук гынан эрдэхпинэ, эмискэ баҕайы иннибитигэр суол устун биир дьахтар баран эрэрин көрө биэрдибит. Маҥан былаатын көхсүгэр намылыччы түһэрэн бааммыта хаамтаҕын аайы имиллэҥниирэ кытта көстөр. Отучча хаамыы баара дуу, суоҕа дуу, оннук чугас.

Биһиги тоҕо эрэ көрбүппүт соһуччута бэрдиттэн тохтуу биэрдибит, саҥата суох сирэй-сирэйбитин көрсөн ыллыбыт. Улахан баҕайытык кэпсэтэ иһэн сибигинэйэн эрэ тыл бырахсар дьон буола түстүбүт. Кэриигэ киирэрбитигэр ким да сүоҕа ээ. Төннүөххэ диэн буолла. Суол устун, субу-субу кэннибитин хайыһа-хайыһа, төнүннүбүт. Кылгас ойууру быһа түһэн атын сыһыыга таҕыстыбыт. Суолтан туораан чугастааҕы ууну көрөн ааһаары баран иһэн эмиэ чугурус гына түстүбүт. Иннибитигэр били дьахтарбыт субу баран иһэр эбит. Кини хайдах да биһигини уруттуох туһа суоҕа. Туох эрэ муокас дьахтара буулаары гынна диэн эппит тарта.

– Хайыыбыт? – диэн атаһым сибигинэйэн ыйытта.

– Таалабытыгар төннүөх, – диибин.

Тоҕо эрэ били дьахтары Таалаҕа төннөн баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиэх санаа көтөн түстэ. Эмиэ сүүрэр-хаамар икки ардынан өкдөкөчүһэн, сыһыыбытыгар аҕыйахта атыллаан тиийдибит. Бастаан тиийэн төннүбүт сирбитигэр кэлээппитин кытта, дьахтарбыт иннибитигэр бу сайбайан эрэрэ көстө биэрдэ. Эмиэ чиккэриҥнэһэ түстүбүт. Уолум саатын хаба тардан ылан дьахтары туһулуох курдук тутунна.

– Кэбис, ытыма, киһини дэҥниэҥ, – диибин.

– Киһи буолбатах. Сааны эһэн сатаатар куттуохха.

– Кэбис, кэбис, сырыттын. Тоҕо эрэ биһигини кустатыан баҕарбат эбит. Дьиэлиэх.

Ол турдахпытына, дьахтарбыт эргиллэн көрдө. Сирэйин-хараҕын өйдөөн көрөр диэн суох. Хамаанданы истибит курдук, дэриэбинэ диэки ойуурунан быһа ыстанныбыт.

Дьиэлэри көрөн эрэ баран, биирдэ уоскуйдубут. Арай биир ыал таһыгар, били дьахтарбыт курдук, былаатын самыытыгар тиийэ саба түһэринэн бааммыт бэркэ билэр түөтэбит биһигини күүтэн турар эбит. Уҥуоҕа арҕаһа үкчүтэ сүр.

– Хайа, нохолор, сүөһү көрдүгүт дуо? – диэн ыйытта.

– Суох, – диэт, сулбу ааһа турдубут.

Бадаҕа кини күлүгэ салгыҥҥа олорон хаалбытын көрдөхпүт буолуо диэн билигин тойоннуубун. Ити сыл ол дьахтар эмискэ ыалдьан өлөн хаалаахтаабыт сурахтааҕа. Сөп түбэһиспитэ дьикти. Айылҕа ити биир таабырынын таайар киһи баар эрэ, суох эрэ.


Таабырынап

Ынахтан – саҥарар оҕо

Былыыр-былыр биир соҕотох оҕонньор олорбут. Кини соҕотох маҥан ынахтаах эбит. Ынаҕа төрөөрү ыалдьыбытыгар оҕонньор, кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбыт. Сарсыарда туран хотонугар тахсыбыта, ортотугар тиийэр кугас баттахтаах, мап-маҥан эттээх уол оҕо ынаҕы эмэ олорор эбит. Ону көрөн соһуйбут, куттаммыт. «Абааһы төрөөбүт», – диэн, күрдьэҕинэн үлтү сынньан барбыт. Онуоха ол оҕо көрдөспүт: «Ааттаһабын, өлөрүмэ, биэс да үтүөнү оҥорботоҕум иһин, биир үтүөнү оҥоруом! Ийэм баһыгар, түннүк анныгар, бырах, үс хонон баран бэйэбин бэйэм билиниэм». Оҕонньор бокуойа суох үлтү сынньан барбыт. Оҕо: «Ынахтан икки төгүл кэллим да, киһи буолбатым, аны сылгыттан сыһыыга кэлиэм», – диэбит. Оҕонньор бу оҕону өлөрөн кэбиспит. Үс хонон баран хотоҥҥо, ынах турар сиринэн, муус түннүк үлтү барыар диэри ат кистээбит. Оҕонньор ону тахсан көрбүтэ, тэриэлкэ саҕа улахан ат суола чигдини тоҕута үктээн кэлэн барбыт. «Өлөрбөтөҕө буоллар, ол оҕо барыа эбит», – дииллэр этэ. Ол тугун бэйэҕит толкуйдааҥ.


Суруйдум 67 саастаах

Екатерина Алексеевна Кашлакова

Сэттээх-сэмэлээх буолара чахчы

«Ньурбачаан Бакамдатын арҕаа өттүгэр Хонорҕох Алааһа, эбэтэр арыт Арыылаах Алаас диэн ааттыыр сирдэрэ баар. Бу 1959 сылтан «Заготскот» диэн тэрилтэ соҕотуопкаҕа киирбит сүөһүнү хаайан аһатар киэҥ даллаах, сүөһү өлөрөр сирдээх, бостууктары олордор дьиэлээх сирэ этэ. Дьиэттэн аллара, Бакамда диэки өттүгэр ыарҕа саба үүммүт көлүйэлээх сиргэ, муус туран эт тоҥноҕуна сүөһү өлөртөрүллүө диэн бүтэй туттараары, алта-сэттэ оробуочайы таһаарбыттар. Саас. Көлүйэлэрин үрдүгэр бүтэй тоһоҕото, сиэрдийэтэ буолар бэртээхэй арыы мас баара. Үлэһиттэр үөрэ-көтө бу маһы кэрдэн барбыттар. Ол кэрдэн эрдэхтэринэ, ыарҕа иһигэр турар былыргылыы хабарҕа муннуктаах, арааһа, кус түөһэ диэн ааттыыр төкүнүк мастан оҥоһуллубут (тутуллубут диир ордуга дуу) ойуун дүҥүрүн тыаһа лүһүгүрээбит, кыаһаанын тыаһа өрө кыынньа түспүт. Үлэлии, аймалаһа сылдьыбыт дьон, соһуйан, уолуйан, сүгэлэрин кытта ыһыктыбыттар. Бары ах баран турбуттар. Саҥа саҥарар, тыл таһаарар суох үһү. Онуоха арыый аҕа саастаахтара, сэриигэ сылдьыбыт киһи, Чуукаартан төрүттээх Дабыыт Данилов-Буруо Хоноһо, бэргэһэтин устан туран, ити тыас кэлэр сирин диэки хайыһан билэринэн ааттаспыт:

– Тойон убайбыат! Биһиги диэн кыра дьон муҥнаахтарбыт, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар, тыыннаах буолар туһугар тойоттор сорудахтарынан үлэлии тахсыбыппыт. Алҕаска, билбэккэ, эн чуумпугун уйгуурдубуппут. Ону биһиэхэ буруйга холоомо. Алҕаспытын бырастыы гын. Ирдэһэр, туоһулаһар да буоллаххына, тойоттортон туоһулас, олортон ыйыт, – диэбит үһү. Онуоха тыас эмискэ уурайан барбатах, аа-дьуо намыраан барбыта үһү.

Бу дьонуҥ бүтэй тутар сирдэрин үрдүттэн охторон, тутаары гыммыттара – табыллыбат. Тохтоон хаалбыт. Кэрдибит мастарын да харайбатахтар. Билигин да, арааһа, сытара буолуо. Туох харайбыт үһү, ону.

Икки биэрэстэ курдук Борокуруор Маара диэн сиртэн сиэрдийэлэрин көлөнөн таһан, сиэрдийэлэрин тутан бүтэрбиттэр.

Онно баар дьонтон Н. диэн киһи өлбүтэ. Ол олох кэпсээбэт этэ, саллар этэ. Арай итини Н. кэпсээбитэ. Бииргэ үөрэммит уолум. Кини билигин да саллар. Уонна ити туһунан санаппат. Иннинэн-кэннинэн барыах-кэлиэх да, хамныах да кыах суох. Буолар да эбит. Оннук саллыбытым, куттаммытым диир этэ.

Онтон 1972 сыллаахха этэ. Аны, дьэ, били бүтэйи сэлбийэ тахсаллар. Сүөһүлэрэ киириэн иннинэ. Сайын оттуу таарыйа. Ол тахсаннар, ол саҕана арыгы диэн ас буолунай, дэлэйбит ахан кэмэ, аһаан-сиэн баран, дьэ, кэпсэтии буолар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы, арыгылыы олорон: «Дьэ, онно өрдөөҕүтэ, биһиги күрүө тута сырыттахпытына, ол сыһыы уҥуор сытар кырдьаҕас, дьэ, куттаталаабыта» диэн буолар. Ону икки уол, Н. уонна Н.: «Ойуун диэн баар үһү дуо? Абааһы диэн баар үһү дуо? Ол-бу тыастан киһи куттанара диэн үһү дуо?» – диэн утары мөккүһэн тураллар. Кырдьаҕастара буойан көрбүттэрин, утары, өссө өрө барбыттар. Тэптэрээччи да баар үһү онно: «Чахчы, чахчы! Ол аайыттан киһи куттана сылдьыа дуо?!»

Мөккүөр түмүгэр бу икки уол киирэн, ойуун уҥуоҕун түөрт эркинин түөрт аҥыы тэлгэтэн кэбиһэллэр. Ол оннук ааһар.

Мин оҕолору илдьэ өрүс уҥуор Мэгэдьэккэ оттуу сырыттахпына, «табаарыһыҥ куһаҕан буолбут» диэн илдьит кэлбитэ. 1972 сыллаахха атырдьах ыйын 22-гэр быһыылаах этэ. 23-гэр таһаарбыппыт. Ол Н. Амакиннааҕы эспэдииссийэ пилораматыгар, ити билиҥҥи быткомбинат дьиэтин таһыгар, бэйэтигэр тиийинэн, ыйанан өлбүт этэ. Оттон Н. балаҕан ыйыгар эргэ буойуна дьиэтигэр оскуомаҕа ыйанан өлбүтэ. Иккиэннэрэ биир ый иһигэр буолта.

Дьэ, сүрдээх дьыала этэ. Ол Н. мин бииргэ үөскээбит уолум этэ. Туох да наһаа аһыйбытым. Итинник дьаабыламматаҕа буоллар, билигин да сылдьыа этэ. Муннугар тумуу да киирбэт этэ. Аҕата сэриигэ баран өлбүтэ. Соҕотох уол этэ. Токостор. Бүтүн аҕа ууһа эһиннэ. Ити уолунан. Дьэ, бүттүлэр. Биирдэ сыыһа туттууттан».

Николай Николаевич кэпсээнин тылыттан тылыгар түһэрэн, саҥарыытын уратытын кытта уларыппакка, суруйбутум. Ону, бэчээккэ бэлэмниирбэр, дуона суоҕу кылгаттым эрэ.

Историк-учуутал кэпсээнэ – үһүйээн буолбатах, адьас соторутааҥҥы кэмҥэ дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэлэр. Онон кэпсээн ыйааһыннаах. Киһи кинини күдээринэ истэн кэбиһиэн сатаммат.


Багдарыын Сүлбэ

Бэриэтчит

Мин оҕо эрдэхпинэ аҕам биһикки Сэмэннээх диэн ыалы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Биир киэһэ үһүөйэҕин хаалан баран, абааһыны кэпсэттилэр. Аҕам сүрдээх холку, бүтэй эттээх, тугу да билбэт киһи этэ. «Абааһы диэн суох. Сымыйа. Араас өтөхтөрүнэн, иччилээх аатырбыт сирдэринэн талбыппынан хонон-өрөөн сырыттым аҕай да, тугуу да билбэппин. Дьөрү, киһи уорбалыыр тыаһын да истибэппин. Мин бурдук харабыллыыр сирбэр Былатыанап диэн хомсомуолу таһааран көмпүттэрэ. Ол киһи сотору үөр буолбут сураҕа аар-саарга аатырбыта. Кэлин табыллыбакка, иккистээн хостообуттар диэн баара. Оо, киһи уҥуоҕун кытта кэккэлэһэ күһүнү быһа түүн аайы хонорум. Бэл, онно туох да биллибэтэҕэ. Баҕар, хараҥата бэрт буолан аттыбынан ааһарын көрбөтүм эбитэ дуу?» – диэн күлэн ылара.

Оттон суотчут Сэмэн олох утарара: «Туох эрэ баарынан баар. Мин, үөрэхпин бүтэрээт, хоту баран үлэлии сылдьыбытым уонна куттанан быһыылааҕа, сотору дойдубар төннүбүтүм. Олох эппинэн-хааммынан билбит түбэлтэм онно буолта. Кыра холкуос кэнсэлээрийэ дьиэтигэр чүмэчинэн үлэлии олордум. Бэрэссэдээтэллиин иккиэ этибит да, киһим ыалдьар буолан, икки сыарҕалаах атынан оройуон киинигэр балыыһаҕа барбыта. Кэнсэлээрийэбит икки дьиэ силбэһэ турарыттан түгэх өттө. Киирэр өттө тоҥ турар. Арай, ол олордохпуна, таһырдьа сыарҕалаах аттар хоочугураһан кэлэн, дьиэ ааныгар тохтоотулар. Сотору тугу эрэ сыһаҕастаан киллэрэн, тоҥ дьиэҕэ турбут остуол үрдүгэр уурарга дылы гыннылар.

Онтон барыта уу чуумпу буолан хаалла. Мин хайдах эрэ сээбэҥнээн, таҥнан, чүмэчибин туппутунан тас дьиэҕэ тахсыбытым – туох да суох. Таһырдьа бааллара буолаарай диэх курдук санаан тахсыбытым – эмиэ туох да суох. Арай ыраах ыаллар уоттара кылахачыһаллар. Мин туох да бокуойа суох дьиэм диэки түһүнэн кэбистим. Син барбахтыы түһэн баран кэннибин хайыһан көрбүтүм, кэнсэлээрийэм түннүктэрэ сандааран олороллор. Өссө дьон күлүгэ элэгэлдьиһэргэ дылы. Мин саараан турдум. Ол туран көрдөхпүнэ, биир килэйээҥки бэргэһэ чүмэчи уотугар килэбэчис гынан ааста. Мин олох холкубар түһэн, дьон кэлбит диэн төттөрү тэбинним. Тоҥ дьиэнэн лүһүргэйдээн киирэн, кэнсэлээрийэ аанын аһа баттаабытым – хабыыс-хараҥа, туох да суох. Икки хараҥа иччитэх дьиэ икки ардыгар буола түспүт киһи туох да аһара куттанан, соһуйан, сарылаатым быһыылаах, туох эрэ куһаҕан баҕайытык «хаах» дииргэ дылы гынна да, биирдэ өйдөммүтүм суолу ортолоон, дьиэбэр сүүрэн иһэр эбиппин. Онтон сүрэҕим баара-суоҕа биллибэт курдук тэбиэлээн, сүһүөҕүм нэһиилэ уйан дьиэбэр дьүһүн-бодо бөҕө буолан киирэн, дьоммун куттаатым. Ийэм уокка арыы кута-кута алҕаан, кэргэним дэлби көрөн-истэн, сарсыарданан син утуйан ыллым. Киһи баттаҕа турар дииллэрэ кырдьыгын онно билбитим.

Сарсыныгар хойутаан, төбөбүн баанан кэнсэлээрийэҕэ тиийэн үлэлии олордум. Остуорас оҕонньор кэлэн оһох оттубут да, дьиэ иһэ тыбыс-тымныы. Оччолорго үлэҕэ тахсыбат диэн улахан аньыы этэ, онон эрэ үлэлээбитэ буола олордохпуна, оҕонньор киирэн ааны саппакка барбыккын, бүгүн хойутаатыҥ, төбөҥ баайыылаах, аһыыр оҕо быһыылааххын диэх курдук саҥартаата. Ол иһин барытын кэпсээн биэрдим. Оҕонньорум улаханнык соһуйда, киэһэ оһоҕу сабан баран, иккиэн тэҥҥэ дьиэбитигэр барарга сүбэлэстибит. Киэһэ хараҥа буолбутугар чүмэчинэн олордохпутуна, түннүкпүт аннынан сыарҕалаах аттар тыастара хаарга хоочугураһан кэллилэр. Мин оҕонньорбун көрө түспүтүм, мин диэки куһаҕан баҕайытык көрөн баран олорор эбит. Куттаныах курдук буоллубут. Сотору үүт-үкчү бэҕэһээҥҥи курдук тыаһаан-ууһаан, тас дьиэҕэ турар остуолга тугу эрэ уурдулар. Онтон утуу-субуу үс киһи киирэн кэллэ. Кырыа-хоруо бөҕө буолтар. Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин көрөн, хайа муҥун, биһиги дьэ холкутаатыбыт. Бэрэссэдээтэлбит балыыһаҕа киирэн биир эрэ хонон хаалбыт, ону өлүгүн аҕалан ити остуол үрдүгэр уурбуттар».

Итини истэн баран аҕам «бокуонньук бэриэтчиттээх киһи эбит» диэн быһаарда. Оттон мин билигин саныыбын. Ити дьону кытта чахчы буолар түбэлтэлэр тоҕо билигин буолбаттарый? Бэриэтчиттээх дьон төрөөбөт буоллулар дуу? Эбэтэр бэйэбит хайдах эрэ уларыйан, тугу да билбэт буолан хааллыбыт дуу?


«Ыйтан түспүт»

Иччитэх өтөххө

Биир киэһэ биһиги, республикатааҕы балыыһа хирургия отделениетын ыарыһахтара, балыыһа оронун иччилээччилэрэ, хайдах эрэ ис-испититтэн кэри-куру буоллубут. «Нохолоор, мээнэ сытыахтааҕар урут аҕам бокуонньук барахсан миэхэ кэпсээбит, тус бэйэтэ түбэһэ сылдьыбыт түбэлтэтиттэн сэһэргээтэхпинэ истиэ этигит дуо?» – аттыбар кэккэлэһэ сытар палаатабыт саамай кырдьаҕаһа, 78-с хаарын санныгар түһэрбит Сүөдэр оҕонньорбут ыйытта.

Хайа саха киһитэ сэһэни сэргээбэтэҕэ баарай? Биһиги «кэпсээ» дэһистибит.

– Мин аҕам Уйбаан бөдөҥ-садаҥ, бэйэтин кыанар киһи этэ, – диэн сэһэнин оргууй аҕай сыыйан саҕалаан барда. – Кини биирдэ булдугар үлүһүйэн хараҥаҕа былдьаппыт. Инньэ гынан чугастааҕы өтөххө хонорго быһаарыммыт. Өтөҕөр тиийэн кэлбит. Им балай хараҥаҕа илиитин иминэн харбыалаһан, бигээн, аҕыйах маһы булан киллэрэн, көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит. Өлөрбүт куһуттан үргээн, илдьэ сылдьар биэдэрэтигэр уу баһан, күөһүн оһоҕун чанчыгар оргута уурбут. Өр-өтөр буолбатах, күөһэ оргуйан будулуйан тахсыбыт. Аҕам тото-хана аһаан, кэтэ сылдьар сонун уһулан кэтэҕириин ороҥҥо тэллэх оҥостон тэлгээбит, сылайбыт-элэйбит киһи быһыытынан сытынан кэбиспит. Умайа турар көмүлүөк оһоҕо балаҕан иһин сыдьаайан сырдатара үһү. Аҕам бу сытан нухарыйан киирэн барбыт. Ол сыттаҕына, сирэйин биллэр-биллибэттик салгын имэрийэн ылбыт уонна:

– Тур, киэр буол! – диэн саҥа иһиллибит. Онуоха аҕам уһуктан кэлбитэ, ким да суох үһү. Балаҕан иһэ, иһийбит курдук, уу чуумпу. Көмүлүөк уота уостубут. Им балай хараҥа сабардаабыт. Аҕам туруон ыарырҕыы сыппыт. Иһиллиириттэн туох да туһа тахсыбытах, сотору соҕус буолан баран эмиэ минньигэс уутугар биһиктэнэн утуйан барбыт. Арай:

– Киэр буол! Куһаҕан буолуо! – диэн бардьыгыныыр саҥаттан уһуктубут. Тула өттүн эргим-ургум көрүтэлээбит да, туох да суохха дылы. Арай куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит. Мин аҕам өсөһүнэн аатырбыт киһи буолаахтаатаҕа, тахсыбаттыы санаммыт. «Хайабыт буолар» диэн иһигэр ботугуруу сыппыт. Ол сыттаҕына, туох эрэ кэлэн аҕабын тэлгэммит сонун кытта суулуу туппут да, таһырдьа кыыратан кэбиспит. Онуоха аҕам (оччотооҕу кэмҥэ тоҥ маһы тосту тардар, тоҥмут буору тобулу үктүүр күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр бэрдэ эбитэ үһү):

– Син биир киирэммин хонон баран барыам, – диэн баргыытаабыт да, киирэн оннугар сытынан кэбиспит. Өр-өтөр буолбатах, иккиһин таһырдьа быраҕыллыбыт. Өсөһө-өсөһө киирэн, эмиэ сытынан кэбиспит. Били баҕайы таһаҕас оҥостубакка, кумааҕыны кыыратар курдук, бэрт чэпчэкитик ылан таһырдьаны булларбыт.

– Ити буоллаҕына, миэхэ даҕаны кыра баардаах оҕотобун! – диэт, аҕам хаана-сиинэ хойдон хаһыытаан тоҕо барбыт. Тымырдара күүрбүт, иҥиирдэрэ чиҥээбит уонна эмиэ киирэн хат сытынан кэбиспит, кэтэспит. Били күтүр кэлэн саҥардыы харбыалаан ылан таһырдьа эһээри гынан эрдэҕинэ, аҕам тутуһан киирэн барбыт. Куһаҕан баҕайы сыт саба биэрбит да, аҕам хотуолаан ыһылыннарбыт. Ол да буоллар, төһө да сиргэннэр, сииктээх, ньалҕархай түүлээх баҕайыны харбаан ылбыт. Онон-манан туох түбэһиэҕинэн бырахсыбыттар, ол курдук охсуспутунан халлааны сырдаппыттар. Ол түбэлтэ кэнниттэн аҕам улаханнык ыалдьа сылдьыбыта үһү, – диэн Сүөдэр оҕонньор кэпсээнин түмүктээтэ.


Чойбалсан Гоголев

Нам

Утуппатах

Арай биирдэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар маннык түбэлтэ буолбуттаах. Мин кыра сырыттахпына, сааһым, арааһа, алта-сэттэ буолуо. Былыргы сыбахтаах балаҕан дьиэҕэ көмүлүөк оһох имик-самык умайа турара. Биһиги биир дьиэ кэргэн: сорохтор ороннорун оҥостон утуйбут этилэр, сорохтор утуйаары төттөрү-таары хаамса сылдьыбыттара. Таһырдьа күһүн этэ. Тыйыһырбыт хараҥа былыттаах түүн буолаары турара. Биһиги үс ыал дьукаахтаһан, эн-мин дэсиһэн, ыал сиэринэн эйэ-дэмнээхтик, син буруо таһаарынан, үчүгэй баҕайытык олорбуппут.

Эмискэ ыалбыт ийэтэ эмээхсин ытыы-ытыы киирэн кэллэ. Мин эһэбин кытта хоонньоһон утуйа сытар этим. Эмээхсин бөтө-бөтө эһэбиттэн көрдөстө: «Мэхээчэ, тымтыкта элбэхтик аҕал эрэ уонна биһиэхэ тахсыс. Манна кэпсээбэппин, оҕолор куттаныахтара. Таҥын, барыах», – диэн. Онно көрдөхпүнэ, эмээхсин улаханнык уолуйбут, куттаммыт көрүҥнээҕэ. «Тоойуом, билигин киириэм, утуй», – диэн баран эһэм икки сүгэ кыбыныылаах эмээхсини кытта тахсыста. Улахан дьоммут тугу эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэр. Мин оҕо киһи утуйан хантайан хааллым.

Сарсыарда турбутум – дьиэм дьоно түүнү быһа куттанан утуйбатахтар. Онтон кэлин истибитим, маннык быһылаан буолбут. Ити сэрии кэмэ, сут дьыллар этилэр. Онон эр киһи диэн ыалга сэдэх, биир эмэ оҕонньор уонна оҕолор этилэр.

Ыалбыт эмээхсин биир обургу уолунаан уокка оттор мас көрдүү чугас эргин куоһахтары кэрийбиттэр. Уола оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан өрөбүлгэ дьиэтигэр кэлбитин, ийэтэ эмээхсин уолун көмө оҥостоору мас булунар санаалаах барбыт. Аччык оҕо уонна күнүскү үлэттэн сылайан нэһиилэ сылдьар эмээхсин ханна ыраатыахтара баарай? Олорор дьиэлэрин арҕаа өттүгэр ырааһыйа баарыгар былыргы өтөхтөр оннуларыгар аҕыйах баҕана ордон хаалбытын таһыгар, кыра оҥхой сиргэ, мас сытар эбит. Ону биһиги дьоммут улаханнык көрө, толкуйдуу барбакка эрбээн киирэн баартар. Уол көрдөҕүнэ, бэрэбинэтэ сороҕор мутуктанан кэлэр үһү. Ийэтэ тугу даҕаны уорбалаабатах. Онон бэрэбинэни бүтүннүү эрбээн кэбиспиттэр.

Дьэ, доҕоор, киэһэ хараҥа буолаатын кытта, хантан да кэлэрэ биллибэт ким эрэ оһох кэнниттэн дьиэ иһигэр баар малларынан дьону быраҕаттыыр. Ону көрдөөрү мин эһэбиттэн тымтык көрдөөбүттэр уонна доҕор оҥостоору бэйэтин ыҥырбыттар. Көрдүүллэр-көрдүүллэр – ким да суох, тугу даҕаны булбаттар. Көрдөөччүлэр оһох кэнниттэн таҕыстахтарын аайы, били мааҕын быраҕыллыбыт маллара, иһиттэрэ иккиһин күөрэйтэлиир. Онтон ыксаан кыптыыйдарын, быһахтарын, биилкэлэрин, ньуоскаларын дьааһыкка хатыыллар да, син биир оһох кэнниттэн били биилкэлэр, быһахтар, ньуоскалар хат кыырайан кэлэ тураллар. Оттон мин эһэм, доҕор буола тахсыбыт киһилэрэ, икки сүгэтин икки өттүгэр уктан баран, сылайан, дьиэ ортотугар муостаҕа сытынан кэбиһэр уонна маннык диэн саҥалаах үһү: «Ол-бу буолумаҥ эрэ, бараммын сүгэнэн кэрдиэм». Ону истиэхтэрэ баара дуо? Син биир бырахпыттарын кубулуппатахтар. Арай били мас эрбээн аҕалбыт эмээхсин улахан кыыһын таппыттар, уоннааҕы дьону сыыһа-халты быраҕаллар үһү.

Онтон ыксаан, түүн ый быыһа хараҥаҕа дьиэлээх ыаллар бары оҕолордуун биһиги балаҕаммыт хоту өттүгэр холкуос техникатын уурар улахан баҕайы сарайга ат сэбин уурар үчүгэй баҕайы муосталаах хос баарыгар туох баар утуйар таҥастарын илдьэ баран, утуйардыы оҥостубуттар. Сыппыттарын кэннэ, арай эмискэ бурдук астыыр массыыналарынан, саппаас чаастарынан быраҕаттыыллар. Кыра оҕолор куттанан өй-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардаллар. Улахан дьон оҕолорун илдьэ сылгылары тутар сэнэх, улахан баҕайы ампаар көнньүүһүнэ баарыгар баран дьэ уоскуйан, оҥостон үчүгэйдик утуйаллар. Ити, арааһа, халлаан сырдыыта буолуо.

Сарсыарда туран истибиппит, били таптарбыт кыыстара эмискэ төбөтүнэн ыалдьан, иирэн хаалбыт. Кыыһы иччитэх ампаар дьиэ баарыгар илдьэн хаайан кэбиспиттэр. Кыыс эрэйдээх иирэн, дьиэ истиэнэтин устун хаама сылдьар үһү. Ону оҕо-уруу түннүгүнэн уоран көрөр эбит. Дьиктиргээн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буолаллар. Кыыс улахан быраата, били бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэн биэрдэҕинэ, өлөрө сыһан таһаарар, оттон кыра быраатыгар кыһаммат үһү.

Баҕар, улахан өрүһү туораатаҕына үтүөрүө диэннэр, кыыһы кэлгийэн баран куоракка (Дьокуускайга) илдьэллэр уонна иирээки барааҕар туттараллар. Ол кыыстара онтон дьиэтигэр эргиллибэтэҕэ. Арааһа, өллөҕө. Быһылаан мин алталаах эрдэхпинэ дьиҥ-чахчы буолбут түбэлтэ. Билигин сылыктаатахха, ол эрбээбит бэрэбинэлэрэ, арааһа, ойуун сэргэтэ буолуо. Дьэ онон кэрэх мастар уонна ойуун сэргэлэрэ абааһылаах буоллахтара, эһиги туох дии саныыгыт?


Петр Попов

Дьукаах

Бу чахчы буола сылдьыбыт суолу суруйан хаалларарга бэрт өр толкуйдаан быһаарынным. Итэҕэйиэхтэрэ суоҕа, күлүү-элэк оҥостуохтара диэн кистии сылдьан баран, кырдьар сааспар ыарыһах буолан баран, ыйааһыҥҥа ууран ыараҥнатан, санааҕа холбоон халбаҥнатан көрдөхпүнэ, буолбут чахчыны суруйарга туох да куһаҕан баар буолуо суохтаах. Төттөрүтүн, суруйбатахпына, санаабар ыар баттык буолуох курдук диэн түмүккэ кэллим. Айылҕа араас кистэлэҥнэрэ арылла турдахтарына, баҕар, биһиги түбэспит түбэлтэбит кэмниэ кэнэҕэс быһаарыллан хаалыан сөп. Ол иһин туох буолбутун эппэккэ-саппакка суруйдахпына, кэнэҕэс туһалаах буолуон сөп курдук өйдөөтүм.

Ситэтэ суох орто оскуола оччолорго Тойбохойго эрэ баара. Бэһис-сэттис кылаастарга оҕолор ыраах нэһилиэктэн өйүөлээх кэлэн олорон үөрэнэллэрэ. Оччолорго Тойбохойго ыал аҕыйах этэ, онон биир ыалга элбэх буолан мустан хааларбыт, ордук күһүн үөрэх аһылларын саҕана. 1936 сыл күһүн Дүлээйэҕэ Огдооччуйа диэн тулаайах огдообо эмээхсиҥҥэ уон биэс буолан олорбуппут. Кини дьиэтэ оскуолаттан биэрэстэ кэриҥнээх харыйа ойуур саҕатыгар турара. Сахалыы, хоһо суох, түөрт кыараҕас түннүктээх, аһаҕас мас сарайа өр туран хараара сатаан баран, муох үүнэн көҕөрбүт, сиргэ киирбит курдук дьиэ этэ. Хаҥас диэкинэн ааннааҕа. Онон таҕыстахха, туруорбах дьиэҕэ киирэҕин.

Мустубут оҕолор киэһэ лыык курдук симсэ сытан арааһы кэпсэтэн тахсарбыт. Кэпсэтии мэлдьи абааһы туһунан буолара. Араас нэһилиэктэртэн мустубут буоламмыт, куоталаһа-куоталаһа ханна, хайдах сүрдээх абааһы баарын үлүннэрэн, эбэн-сабан, суоҕу баар гынан кэпсэтэрбит, онон киһиргэнэр курдук этибит.

Биирдэ итинник кэпсэтэ сыттахпытына, дьиэбит иһэ эмискэ сырдаан күлүм гынна. Бары ойон туран түннүгүнэн көрбүппүт, улахан мээчик саҕа уот Быараҕастыыр суолунан кыымынан ыһыллан, төкүнүйэн харыйа ойуурга киирэн сүттэ. Тиэрэ көрүү! Бары тыыммат буолан ыллыбыт. «Көрдүгүт дуо?» – диэн токкоолоһуу. «төкүнүк, күөхтүҥү», – диэн сорохтор чуолкайдаатылар. «Олус абааһыны кэпсэтэр сэттээх быһыылаах, аны тохтотуоҕуҥ», – диэн арыый улахаммыт Миитэрэй быһаарда. Ити уот туох буоларын кыайан быһаарбакка, ону-маны этэн көрө-көрө муннукка анньыллан тохтообуппут. Оччотооҕу оҕо төкүнүйэр чаҕылҕан туһунан хантан билиэҕэй? Кэтэспиппит, уот кэлин кэлбэтэҕэ.

Кумааҕы уурар долбуур оҥосторго хаптаһын наада буолбута. Иккиэ буолан тутулла турар этээстээх оскуола аттыттан лоһуруой хаптаһын сыыһын аҕала барбыппыт. Бу киэһэ хараҥа буолуон аҕай иннинэ этэ. Кыбынан кэлэн иһэн аҕыйах мастаах тумулга тохтообуппут. Табаарыһым тохтуу түһээт: «Чэ, барыахха», – диэн тиэтэттэ. Сирэйэ-хараҕа өрө туран хаалбыт. Мин киһим куттаммыт дуу, ыалдьыбыт дуу дии санаатым. Кини хаамыытын нэһиилэ ситэбин. Дьиэбит аттыгар аҕалан ат баайар төрдүгэр уурабыт. Сергей иһиллээтэ: «Ылдьаа, иһит эрэ, тыас баар, ол күөл диэки, харыйаҕа», – диэтэ. Мин иһиллээтим. Кылыр-кылыр гынар кэрэ тыас иһиллэр эбит. Чуорааны быһаҕынан охсорго маарынныыр. Киһи куттанара суох дии санаатым. Уолум чугас кэлэн сибигинэйдэ: «Ойуун кыырар тыаһа». Мин, дьэ, куттанным, куйахам күүрэргэ дылы гынна. Урут ойуун кыырарын көрбөтөх буолан лыҥкынас тыаһы эмиэ да итэҕэйбэтим. Сергей оҕолорго киирэн сибис гынна быһыылаах, бука бары сырсан тахсан иһиттилэр, ойуун таҥаһын тыаһа диэн тойонноотулар. Бу киэһэ тыала суох уу чуумпу этэ. Ити тыас Тойбохой Бэрэтин диэки Таалалаахтыыр суолга үтэн киирбит харыйа ойуур диэки иһиллэрэ. Тыаһыы хаалбыта, истэ сатаан баран киирбиппит. Биһиги оччотооҕу муҥутах өйбүт итиннэ ойуун көмүллэ сыттаҕа диэн санааттан ырааппатаҕа.

Ый курдук симсэн олорон баран, үгүс оҕолор көспүттэрэ. Ыалбытыгар түөрт уол, биир кыыс буолан хаалбыппыт. Оччотооҕу оҕолор сиэрдэринэн аһылыкпытын астанан, бэйэбитин көрүнэн, үөрэнэн, күнү-дьылы бараан испиппит.

Сергей биһикки Тойбохойтон отут килэмиэтир тэйиччи сытар Чуукаар диэн күөл уҥуор-маҥаар өттүгэр олорорбут. Сергей Иванов орто уҥуохтаах хатыҥыр, чинэччи соҕус тутта сылдьар, икки илин үөһээҥҥи тиистэрэ үтэн тахсыбыт, хойуу хаастаах, кылдьыылаах киэҥ харахтаах, улахан эминньэхтээх кулгааҕа туора тахса сылдьан сарайан көстөр, хара хааннаах, алтыска үөрэнэр уол этэ. Кини миигин, ыарыһах киһини, мэлдьи аһына-харайа сылдьар буолара. Күөспүтүн бииргэ өрүнэн, арыт сылаас буоллун диэн хоонньоһон утуйарбыт.

Улуу Өктөөп бырааһынньыгар оччолорго өрөбүл суох этэ. Үс күн өрөбүл түбэспитинэн Сергейдиин дьиэбитигэр барбыппыт. Биһиги суунан-тараанан, тото-хана кэһии сиэн сынньаммыппыт. Күнү көтүппэккэ атынан аҕалан биэрбиттэрэ. Кэлбиппит уолаттар аҕаларын наадалаах туттар сэптэрин алдьаппыт оҕо курдук уку-сакы тутта сылдьар этилэр. Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ Тимофей, күүстээх, сымса уол Миитэрэй урукку курдук үөрэн-көтөн, оҕолору бэйэлэригэр биллибэт күүһүнэн түмэ тардар көрүҥнэрэ сүппүтүн тута өйдөөбүппүт. Сергейим: «Уолаттарбыт улаханнык иирсибиттэр быһыылаах, туохтан буолуой?» – диэн ыйыталаспыта. Киэһэ утуйуох иннинэ, төрдүөн хаалбыппыт кэннэ, дьэ кэпсээтилэр. «Эһиги суоххутуна дьиктигэ түбэһэн олоробут. Киһи кэпсиэн да санаата буолбат», – диэтэ Миитэрэй. «Дьиэбит абааһыламмыт быһыылаах. Таах сибиэ манна олорон. Атын ыалга көһөргө сананан баран, куортаммын биэрбит буолан көспөтүм», – диэтэ Тимофей. Ыйыталаһан, ыаһахтаһан билбиппит, дьыала маннык эбит.

Оскуолаҕа оонньуу оччолорго олус уһаабат этэ. Тимофейдаах Миитэрэй оонньуу бүтээтин кытта дьиэлэригэр кэлбиттэр, уот умаппыттар, оонньуу туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, саахыматтаабыттар (бэйэбит быһаҕынан кыһан оҥорбут хаалаах саахыматтаах этибит). Оонньуу олорон балыйсан барбыттар. «Мэкчиргэ төбөтүн курдук уларыта сылдьыма», – диэн Миитэрэй Тимофейы ыыстаабыт. Тимофей Мэкчиргэлэр аҕа уустарын сыдьаана буоларын киһи барыта билэр, онон кыыһырыа дии санаабатах буолуохтаах диэн эппит Миитэрэй. Анарааҥҥыта «бандьыыт курдук балыйа олорума» диэн кэбиспит. Миитэрэй бу дойду биллэр бандьыытын төрөппүт уола буоларын бары билэрбит уонна онон сирэй-харах аспат буоларбыт. Уолаттар этиспиттэр, кыыһырсыбыттар. Саахыматтарын остуол үрдүгэр тоҕо садьыйан кэбиһээт, орон оҥостон утуйаары сыппыттар. Саҥа суох. Ол сыттахтарына, саахыматтара тыаһыыр, дуоска үрдүгэр сыҕарыйардыы чиҥ-чиҥник охсуоланар. «Ол-бу буола сытыма, тоҕо тыаһатаҕын?» – диэн Тимофей дьаҕырыйбыт. «Кээс, доҕор, бэйэҥ тыаһата-тыаһата, балыйа сытыма», – диэн хардарбыт биирдэрэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин балыйсан, буойсан баран син тохтообуттар. Тыастара эр ылбыттыы өссө улаханнык таһыгыраабыт. Туран саахыматтарын фигуратын, биирин да хаалларбакка, хаатыгар уган, олуйан кэбиспиттэр. Салгыы утуйан эрдэхтэринэ, саахымат фигурата остуол устун лаһырҕатан кэлбит-барбыт. Уолаттар куттанан илиилэриттэн тутуһан сыппыттар. Тыас уурайбатах, эбии сэтэрээбит. Дьиэлээх эмээхсин кыыһынаан уонна Ксениялыын хаҥас быыс кэннигэр утуйа сыппыттар. Кинилэртэн атын киһи суох, аан хатыылаах. Уолаттар ыксаабыттар. «Абааһы тыаһыыр» диэн итэҕэйэн туран ыһыырынньык уматан, таһырдьа тахса сылдьыбыттар, уоту умаппытынан утуйан хаалбыттар.

Сарсыарда турбуттара – биир айдаан. Уһун ньолбоҕор сирэйдээх, силии курдук көнө муруннаах, үөс курдугунан өһөччү көрбүт кыараҕас харахтаах, төбөтүн тартара сылдьар, уһун тарбахтарын соло буоллар эрэ таймаҥалатан хамсатар, дьахтар курдук уһун өрүнүллэр баттаҕа суох буолан, куруук бэргэһэлээх сылдьар уһун быакагар эмээхсин туран уолаттары саҥартаан барбыт:

– Түүнү быһа мэниктии-мэниктии, сүгүн утуйбакка тилигирэһэҕит, кыраһыыны умаппыккыт, – диэн иэдэппит. Уолаттар быһаара сатаабыттарын истибэт, өйдөөбөт үһү. Быйыл хомсомуолга киирбит, биһигиттэн биир кылаас үөһэ үөрэнэр Нааста Дүлээйэбэ тугу да саҥарбатах. Уһун синньигэс, төҥкөччү тутта сылдьар, уһун хара суһуохтаах, киэҥ тиэрбэс курдук харахтаах, үөһээ уонна аллараа уостара сортойо сылдьарыттан кыбыстан, саҥардаҕына үгүстүк уоһун илиитинэн саба туттар идэлээх кыыс уолаттары көмүскэспэккэ, ууну омурдубут курдук олорбут. Ити туһунан истээт, Сергей биһикки олус куттанныбыт да, сэргээтибит да диэххэ сөп этэ. Акаары санаабытыгар дьиэбитигэр баран хаалан, хаарыантан маппыт курдук сананныбыт.

Ый курдук ити түбэлтэни умнан, үөрэнэ сылдьыбыппыт. Биир киэһэ утуйан иһэн уһуктубутум, киирэр аан диэкиттэн тимир тыаһа таһыгыратан дьиэ эркинин устун уҥа диэкинэн сүүрэн кэллэ. Суорҕаммын бүрүммүппүн билбэккэ хааллым. Олус итииргээтим, иһим үллэн хаалла, тыыным хаайтарда. Аан бастаан билбитим: киһи олус күүскэ куттаннаҕына, иһэ үллэрин, онтон тыына хаайтарарын. Оннук куттанарга төрүөт баара: тыаһы иһиттэххэ, утуйа сытар киһини уһугуннарбат, абааһыны кытта соҕотоҕун да бодьуустаһар туһунан кытаанах быһаарыыны ылыммыппыт. Мин соҕотоҕун уһуктаҕас быһыылаахпын, атыттар утуйа сыттахтара диэн эбии ыксаатым. Тыаспыт тохтообот, кылыргыыр.

Эмискэ Миитэрэй Соколов олоро биэрэн «били баҕайы кэллэ быһыылаах» диэбитигэр, үөрбүппүн эриэхсит. Суорҕаммын аһан, тыын ылан, өйбүн-төйбүн булуннум. Ону баара биир да киһи утуйбатах, төрдүөн уһуктаҕаспыт. «Туох тыаһыырый?» диэн ону-маны толкуйдуу сатаан баран саҥата суох сыттахпытына, арыт тимир аалсан кычыгырыыр, арыт маһынан тоҥсуйар курдук лоһугуруур. Орон аннынан кэлитэлээн эргийэр, онтон дьиэ үрдүнэн муннуктан муннукка сүүрэр. Төрдүөн илии илииттэн тутуһан турдубут. Көмүлүөк оһох хармааныгар ууруллубут ыһыырынньыгы уонна испиискэни ылан уот уматынныбыт, таҥнан таһырдьа тахса сырыттыбыт. Бу сырыыга тыас икки күн субурутан кэлбитэ. Түөрт харахтаах хара ыппыт таһырдьа сылдьарын ыҥырбыппыт, урут дьиэҕэ талаһан киирэр бэйэтэ, туттарбакка куота сырытта.

Хонуктар ааһан испиттэрэ. Этээстээх оскуола тутуутугар үлэлиир Андрей Алексеев биһигини кытта олорор буолбута. Саҥа дьыл чугаһаабыта. Каникул саҕаланан, дьиэбитигэр барарбыт бу кэлэн, олус үөрэ сылдьарбыт, көһүтэрбит. «Дьэ, абааһы, бу киэһэ кэлэр инигин, биһиги сарсын дьиэбитигэр барабыт», – диэн көмүлүөк оһох иннигэр туран саҥаран чап гыннарбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Тимофей уонна Сергей миигин мөхтүлэр: «Туох буолан оруо маһы ортотунан саҥараҕын, эйигин соҕотохтуу булара буолуо», – диэбиттэриттэн олус кэмсиммитим иһин хайыамый, этиллибит тыл төттөрү хомуллубат. Арай саҥабын истибэтэр ханнык дии санаатым.

Бу киэһэ, били мин сэтэрээбиппиттэн буолуо, биир айдааннаах киэһэни аастыбыт. Утуйан эрдэхпинэ пуус гынар сыыгынас тыас аантан уҥа остуол диэки халбарыйда. Сотору буолаат, куһаҕан баҕайы сыт саба биэрдэ. «Ким утуруктаата?» – Миитэрэй улаханнык ыйытта. Улахан киһи Андрей бэйэтигэр ылынан, кыыһыран туран кэллэ уонна уҥа орон устун таҥаһын сыҕарытан утуйда.

Кыыһырса сыһан тохтообут кэннэ тытыгыратар, кылыгыратар тыас дьиэ эркиниттэн үөһээнэн-аллараанан сүүрэкэлии сырытта. Тыас оһох кэннигэр түһэр, эмиэ орон аннынан айанныыр, үөһэ кыйа сүүрэр. «Айа! Андрей киһи суорҕанын тоҕо саралыыгын?» – Миитэрэй өрө хабылла түстэ. «Иирдиҥ дуу, эн суорҕаҥҥын тыыппаппын», – тэйиччи сытар киһи хардарда. Онтон Миитэрэй курун тыаһа сыыбырҕаан иһилиннэ. «Тугу охсоҕун?» диэн ыйыттыбыт. «Суорҕаммын тардыалыырын иһин охсобун да, табыллыбат быһыылаах». Миитэрэй соҕотоҕун охсуһан тахсыбыта, биһиги истэ сыппыппыт. Тыас-уус тохтообот этэ. Урукку курдук туран уот уматан, таһырдьа сылдьан баран утуйбуппут. Эмээхсин аһынар кыраһыына хаһан умулларын, ким умуруорарын билбэт этим, туоһуласпат да этим. Ити курдук утуйан тураат, үөрэнээт, уһун өрөбүлгэ дьиэбитигэр тарҕаспыппыт.

Дойдубутугар тиийэн, оҕолор быһыыларынан, туох буолбутун кэпсээн күппээрдии буолбута. Сотору сир-дойду туолбута. Дүлээйэптэри дьукаах булбут диэн сурах тарҕаммыта.

Өрөбүл бүтэн барбыта. Биһиги дьоммут ыалбытын уларыппатахтара. Биһиги да уларытыҥ диэбэтэхпит. Кини кэлбэт бириэмэтигэр дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит. Сергейдиин тиийэн кэлбиппит, уолаттарбыт суох этилэр. Иккиэйэх буолар кутталламмыппыт, ол баар этэ, ынырык дьыала. Бэйэбит ыал булан кэпсэтэр кыаҕа суох этибит. Сарсыныгар Тимофей тиийэн кэлбитэ. Кини: «Мин ханна да барбаппын, хата, эһиги баар эбиккит», – диэн үөрбүтэ. Соколов балтынаан атын ыалга көспүтэ. Биһиги үс уол, биир эмээхсин, биир кыыс буоламмыт бу киэҥ дьиэҕэ хаалбыппыт. Эмээхсиннээх кыыс хаҥас диэки утуйаллара, онно аһыыллара. Үксүгэр хаҥас диэки сылдьаллара. Дьиэ уҥа өттүн биһиги, уолаттар, үс буолан бас билэрбит. Дьиэбититтэн оҥостон кэлбиппит, испиискэ ылбыппыт, чүмэчи тоһоҕотун хомуйбуппут. Сергейбит уҥа илиитин тойон эрбэҕэр куһаҕан кутургуйа тахсан буорайа сылдьар кэмэ этэ.

Тохсунньуга уочараттаах кэлиитэ саҕаламмыта. Биһиги оннубутун уларытан сыппыппыт. Мин Сергейдиин биллэрик ороҥҥо хоонньоһон, Тимофей уҥа ороҥҥо биһигини кытта бастаһан сыппыта. Ыппыт таһырдьа сылдьан, оскуола диэкиттэн биһиги суолбутун үрэн боройо-боройо, дьиэ ааныгар кэлэн сүппүтэ. Киирэр аан диэкиттэн эмиэ урукку курдук кылыгырыыр тыас үөһээнэн-аллараанан айаннаата. Уратыта диэн тыас муннуктан муннукка сүүрэрэ. Оһох кэннигэр баран тыаһыыра, дьиэ ортотугар кэлэн толугуруура. Били хаһааммыт испиискэбитин Сергей уматаары гыммыта, маҥнайгы сиэрэттэн хаа бүтүннүү умайан барылаабыта. Ол кини илиитэ ыалдьар буолан кыайан саппатаҕыттан тахсыбытын өйдөөбүппүт.

Ити тыаһыы сылдьан аны биһиги ороммутун үөһэ таһааран баран быраҕар идэлэннэ. Уолаттарым: «Төһө үөһэ таһаарар эбит, кэмнээ», – диэтилэр. Мин улаҕа сытар киһи илиибин истиэнэҕэ сыһыары тутан үөһэ тахсыһабын. Кэмнээбитим, биир бэрэбинэттэн ордук үөһэ көтөҕөр эбит. Көтөхтөҕүн аайы уларыйбат. Ити курдук икки киэһэ Сергей биһиккини дүлүҥ аҥаарыттан хайытан оҥоһуллубут ыарахан биллэрик орону кытта көтөҕөлөөбүтэ. Биирдэ-иккитэ Тимофей суорҕанын былдьаһа сылдьыбыта. Тулуйа сатаан баран, Сергей иккис күнүгэр мас хайытар сүгэни оронун анныгар уктубута. Өрө көтөҕөлөөн барбытыгар «Миигин сиэри сирэйдэнниҥ дуо?» дии-дии, хараҥаҕа дьиэ ортотугар ыстанан кэлэн, хаҥас илиитигэр сүгэлээх тэлэкэчийбитэ. Уҥа илиитигэр кутургуйалааҕа, уонна абааһыны хаҥас илии тас өттүнэн охсуллар үһү диэн быраабыланы бары билэрбит. Биһиги туох буолар эбит диэн сыттыбыт. Сергей оронугар кэлэн сытта. Тыас-уус эбии күүһүрдэ. Көтөҕө-көтөҕө быраҕара үксээтэ. Сергей сүгэтин суол ааныгар илдьэн уурда. Үс буолан тутуспутунан таһырдьа тахсан киирэн ыһыырынньыкпытын уматтыбыт. Иккис күнүгэр, эрдэттэн кэлэрин билэр буолан, ыты дьиэҕэ хоннорбуппут, утуйан тахсыбыта. Үлүгэрдээх тыаска уһуктубат, хата, түһээн үрдэҕэ буолан мух-мах саҥарарын абааһы көрөн таһааран кэбиспиппит. Ити бириэмэҕэ кэтээн көрөн быһаарбыппыт: абааһы уоттан куттанар курдук гынар, ыһыырынньыгы уматтахха тыас-уус тохтуур. Уонна абааһы биһиэхэ биэрэр «сеанса» уон икки чаас диэки уурайара. Ол иһин буолуо, сарсыарда уубутун ханан, куттаммыппыт ааһан, үөрэнэ барар буоларбыт. Куһаҕана суох үөрэнэрбит. Сергей биһикки орто этибит, оттон Тимофей Тимофеев оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, холобурга сылдьар оҕо этэ.

Учууталлартан абааһыны итэҕэйэн, тылы тарҕаталлар диэн улахан сэмэни ылбыппыт. Ордук үчүгэй үөрэнээччи Тимофей кыһарыллыбыт этэ. Ол иһин аны туохха да түбэспиппит иһин кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан сүбэлэспиппит.

Хонугунан ааҕан абааһыбыт хаһан кэлиэн быһа холоон таайар буолбуппут. Бу бириэмэҕэ үс уол олоҕор биир куһаҕан уларыйыы тахсыбыта. Уолаттарым киэһэ оскуолаҕа барбыттара, мин лэппиэскэ оҥосто хаалбытым. Дьиктитэ баар, бу дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит, куттана сылдьыбаппыт, кэллэҕинэ эрэ ыксыыбыт. Киэһэ уолаттарым тиийэн кэллилэр: Сергей сирэйэ-хараҕа сөллүбүт, кыыһырбыт, дэлби хаар буолбут. Билбитим, оскуолаттан тахсан үтүлүгүнэн сэриилэһэ оонньуу сылдьыбыттар. Онно Демьян Попов диэн мааны, баай ыал оҕото Сергейгэ кыыһыран тиэрэ охсон түһэрэн баран, кытаанах баҕайы төбөлөөх хаатыҥкатынан көхсүгэ тэбиэлээбит. Сергей айаҕынан хаана барбыт, ытаабыт, хаанынан ыһыахтана-ыһыахтана охсуһа сатыы сылдьыбытын, Тимофей Миитэрэйдиин быыһаабыттар. Уолбут онтон ыла санаата түспүтэ, ыарытыйар буолбута, урукку көрө-нара сүппүтэ.

Сити бириэмэҕэ өлүү түбэлтэлээх били абааһыбыт уочараттаах кэлиитин оҥорбута. Биһиги бу сырыыга тоҕо эрэ утуйар миэстэбитин уларыппыппыт, хаҥас быыһы бата икки ыарахан орону холбуу тардан үс буолан сыппыппыт. Мин улаҕа, Сергей ортоку, Тимофей уот диэки сыппыта. Ол курдук чөкө, бэйэ-бэйэҕэ чугас курдук буолар этэ.

Утуйан эрдэхпитинэ эмиэ кэлэр сиринэн, суол аанынан, тыаһаан барда. Идэбинэн, соҕотох буолуом диэн куттанан, суорҕаммын бүрүннүм, онтон уолаттар утуйа иликтэрин билэн, үөһэ тыынным. Үһүөн бииргэ эрэйи көрөр чэпчэки курдук эбит этэ. Тыаһаан-ууһаан, тытыгыраан-татыгыраан дьиэни эргийэ аймаан баран, оһох кэннигэр тиийэн тимири тимиргэ аалар, киһи тииһин кыйар курдук тыаһы таһаарар буолла. Кылыгыраан-халыгыраан, хатан тыаһы таһаара сырытта. Бу уруккутааҕар саҥа тыас этэ. Тыаһаан-ууһаан барарыттан биһиги куттаммат буола үөрэммиппит эрээри, утуйан биэрбэт этибит. Ону-маны кэпсэтэн ыларбыт. Ол сыттахпытына, тыас түп гына түстэ да, Тимофей: «Айа, киһини тоҕо охсоҕун?» – диэн саҥаран хабылла түстэ.

– Суох, мин охсубатым, абааһы оҕуста дии, – диэн хардарда Сергей.

– Ама, доҕор, хайдах кырбаталаан барыай? – диэн буолла.

Тохтообуппут кэннэ кими да ордорбокко охсон добдугуратан барда. Тыаһа түп гынан иһиллэр. Быһыыта сутурук курдук төкүнүк, биир сиргэ дьөлө охсор, ыарыыта түөртээх оҕо охсорун курдук. Тимофей сүбэтинэн ойоҕоспутунан сытан баран окумалбытын тоһуйан биэрэ сыттыбыт. Иттэннэри сыттахха быарга, искэ түбэһиннэрдэҕинэ, ыарытыннарыыһы диэн буолла. Оннук ойоҕоһунан сытан син элбэх охсууну ылла.

– Абааһы кокуоскаттан куттанар үһү, – диэтэ Сергей. Иһиттибит, сүбэлэстибит. Кими эмит оҕустаҕына, силлээх кокуоската биэриэххэ диэн буолла. Бэлэмнэннибит. Сотору соҕус кими эрэ охсон бах гыннарда да, биһиги үһүөн тэҥҥэ «тьфу, мэ!» диэт, хараҥаҕа атахпыт диэки силлээх кокуосканы сыҕайдыбыт. Тохтоон сыта түстүбүт. Кырдьык да, өс киирбэх, охсоро тохтоото. Оннооҕор тыаһаабат буолла.

– Абааһыны утары «эмп» кыра да эбитин билбэккэ, кыһыны быһа эрэйдэммиппит, – диэтэ Сергей соһуйбуттуу. Оннук эбит диэн бары күлсэн тоҕо бардыбыт. «Аны «эмин» буллубут, туох буолар үһүбүт», – дии-дии, ис-испититтэн иэрийэн күллүбүт. Кырдьык да, итинник ынырык суол тойоно олох боростуой кокуоска буолара киһи күлүөх суола курдук этэ. Хайдах мэлдьи күлэ сытыаҥый, тохтоон утуйан эрдэхпитинэ, охсуолаан барбат дуо! Тохтоло суох барыбытын охсор. Биһиги били кокуоскабытын сыҕай да сыҕай буолабыт. Туһа суох буолла, охсоро эбии сэтэриир. Хайыахпытый, урукку үгэһинэн тутуспутунан туран таһырдьа сылдьан баран биир илии кураанах ыһыырынньыкпытын уматтан утуйдахпыт дии. Ити курдук олунньутааҕы кэлиитигэр икки түүн охсон, кырбаан ааспыта.

Саас күн уһаабыта. Оччотооҕу ыаллар, оҕолор эрдэ сырдыкка утуйар буоларбыт. Биһиги ахсааммытыгар кыра уларыйыы тахсыбыта. Наахараттан Хамыы Көстөкүүнүн уола төрдүс кылааска үөрэнэр туос кэлэҕэй уол кэлбитэ. Аҕата Көстөкүүн оҕонньор уһун, ардьаҕар, ырыган көрүҥнээх, ньолбоҕор сирэйдээх кыһыл оҕонньор үөһээ уоһугар кугас бытыга онно-манна табыгынаан көстөрө. «Соҕотох күҥҥэ көрбүтүм – уолум. Сүүрбэччэ оҕоттон ити кини хаала сылдьар», – диэн эмээхсиҥҥэ кэпсээбитэ. Биһиэхэ туһаайан: «Оҕобун атаҕастаамаҥ», – дии-дии, ыйаастыгас соҕус хараҕынан өһөччү көрөн таһаарбыта. Уол барыта торбуйах таҥастааҕа. Ордук торбуйах ыстааннааҕа биһигини соһуппута. Оччотооҕу оскуола оҕолоро торбуйах ыстааны кэппэт этибит. Оскуола үрдүнэн торбуйах ыстааннаах суос-соҕотох оҕо. Эбиитин туос кэлэҕэй этэ. Оҕолор, кырдьык, киниттэн арахпакка муокастыыллара. Арай саһарчы буспут ыһык лэппиэскэтигэр иҥсэрэр этибит. Уолу кытта түүн, күнүс кэпсэтэн, оонньоһон, аһаҕас эттээҕин туһунан билбиппит.

– Мин торбуйах абааһытын көрөөччүбүн, – диэн бэрт эрэйинэн эппитэ.

– Ол торбуйах абааһыта хайдах буоларый?

– От-тон с-с-сыгынньах оҕо б-б-буоллаҕа дии, – диэн тардыалатара. Биһиги дьиэбитигэр абааһы буулаабытын туһунан билэр, истибит этэ. Биһиги аһаҕас харахтаах киһибитигэр:

– Тиийэн кэллэҕинэ, көрөөр эрэ, хайдах бодолоох кыс устатыгар куттаан олорбут эбитий? – диэтибит.

– Сөп, к-к-көрүллүө.

Биһиги оччоҕолорго кырдьык, итэҕэйбиппит, уолбут көрөн биэрэригэр олуһун эрэммиппит.

Сааскы өрөбүл иннинэ били моһуоктааччыбыт кэлэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Биһиги үс буолан киирэр аан чанчыгын диэки уҥа ороҥҥо сыппыппыт. Өр көһүтүннэрбэтэҕэ, идэтинэн тыаһаан-ууһаан барбыта. Бу сырыыга оһох кэннигэр тимири аалардыы киһи куйахата күүрэр, уҥуоҕа кычыгыланар тыаһы таһаарара, оһоҕу тула эргийэр курдук тыаһыыра.

– Көр эрэ, ити оһох кэннигэр туох сылдьарын, – дэстибит. Уолбут оронугар өттүгэстээн сытан көрө сатыыр, соруммута сүрдээх, хараҕын илиитинэн сотто-сотто көрөр.

– Туох да к-к-көстүбэт, с-с-суох! – диэн төлө биэрэр. Ити бириэмэҕэ тыас-уус элбиир, уол суорҕанын анныгар киирэр. Ыксаабыт куолаһынан «айа, абытай» диир саҥата баара. Сыппыппыт, сырдык этэ. Уол туохтан айакалаабытын ыйыппыппыт, кэпсээбэтэҕэ. Онуоха кинини кытта кэпсэтэр олус сылаалаах этэ. Саас буолан атахпыт таҥаһын: этэрбэспитин, куллукабытын холумтаҥҥа куурда уурар буолбуппут. Бу сырыыга ол таҥаспытынан быраҕаттыыр буолбута. Ордук миэнин барытын бырахпыта. Биирдэ били Тойбохойго соҕотох торбуйах ыстаан биһиги үс сирэйбитигэр кэлэн түспүтэ. Оо, онно Тимофей кыыһыран, ыстааны киэр элиппитэ.

– Куһаҕан ыстаанын кыайан харайбакка киһи сирэйигэр бырахтарда. Кэһэтэн биэриэм! – диэн буолла.

– Уол тугун буруйай, – Сергей намыраппыта.

– Оттон оронугар, тэллэҕин анныгар укта сытыах этэ, – диир уҕараабыт Тимофей. Уол эрэйдээх кэлэҕэйигэр куттала эбиллэн, биир да тылы сатаан саҥарбат буола сытара. Салҕалас этэ. Били аһаҕас эппит туһалаабатаҕа. Тыас-уус, айдаан кыс устата биһигини салгытан, олус куттаммат буолбуппут. Түүн хойут хараҥарар буолан, сырдык этэ. Оннук сыттахпытына эмискэ уолбут тапчаана дьиэ ортотун диэки сыҕарыс гынна. Уол биһиги диэки кэлтэччи сыппыта буолуо. Сыгынньаҕын, били сыттанан баран ыксары тута сыппыт ыстаанын кытта муостаҕа төкүнүйдэ. Көрүөххэ сүрдээх, киһи күлүөх да хомойуох да көстүүтэ. Биһиги күлэн тоҕо бардыбыт. Сыгынньах уол таҥас үрдүгэр балбаах курдук сытарыттан, туран үнүөхтүү сатыырыттан күлбүппүт буолуохтаах. Бахчаҕар торбуйах ыстаанын туппутунан оронон тахсан, ыарахан уҥа ороҥҥо биһиги атахпытыгар кэлэн сытта.

Сарсыарда атаҕым таҥаһын суол ааныттан хомуйан нэһиилэ булан таҥныбытым. Сааскы уһун өрөбүлгэ тарҕаспыппыт. Саас буолан күн уһаан, түүн сырдаан барбыта. Өрөбүлтэн кэлбиппит – биһиэхэ уларыйыылар буолбуттар. Били кэлэҕэй уол кыайан тулуйан олорбокко көһөн хаалбыт. Ханна олорон үөрэнэрин ыйыталаспатахпыт. Оскуолаҕа биирдэ көрөн ааспытым, саҥа хара билиис ыстааннаммыт этэ. Ол саас буолан, халлаан итийбитинэн да быһаарыллар буолуохтаах. Ол оннугар үс киһи дьукаахтанан күннээбиппит. Аны санаатахха, эмээхсиннээх кыыс ыҥыран киллэрбит буолуохтаахтар. Егор Васильевич Пахомов диэн орто саастаах, кэргэниттэн арахпыт, биир иккис кылааска үөрэнэр уолу батыһыннара сылдьар саас ортолоох киһи этэ. Үрүҥ төгүрүк сирэйдээх, сар курдук төгүрүк хараҕынан, туман быыһынан көрөрдүү, кыһыл кылдьыылааҕынан көрдөҕүнэ киһи сык гынар киһитэ. Ону-маны кэпсии сатаабыт, нууччалыы ону-маны балкыйан саҥарар, пляскалаан барар, таҥара дьиэтигэр лөчүөктээбитим диир, күлэ-үөрэ сылдьар, кырдьык-сымыйа икки ардынан тыллаах киһи. Маннык киһи дьукаахтаспытыттан үөрбүппүт. Кини ийэтэ эмээхсин хаҥас диэкилэргэ холбоспута. Уола Гоша аҕатын атаҕар утуйар, эмиэ элбэх саҥалаах оҕо. Сергей биһикки быыһы батыһа, Тимофей биллэриккэ, Дьөгүөрдээх уҥа ороҥҥо аны уларыйбакка сытар буолбуппут.

Тээс Дьөгүөр киириэҕиттэн биһигини муокастыыр абааһы туһунан олус сыныйан ыйыталаспыта. Абааһы мэлииппэттэн куттанар, куотар диэн кытаанах өйдөөҕө. Биһиги үс буолан абааһы кэллэр эрэ Дьөгүөр мэлииппэтинэн үүрүллэрэ буолуо дии саныырбыт. Аны улахан киһи кэллэҕинэ, ол абааһы кэлбэккэ, биһиги сымыйанан кэпсиир аатырыахпыт диэн куттанарбыт, түргэн соҕустук бэйэтин биллэрэригэр баҕарарбыт.


И. Трофимов

Кириэстээх бөһүөлэгэ

Дьааһык киэһэ

Бу түбэлтэни бэрт өрдөөҕүтэ Хара Хаппытыан диэн сүүһүн ааспыт, түөһэйэн түҥ-таҥ тыллаһар буолбут оҕонньор кэпсээбитэ. Оҕонньор сорох ардыгар өйө-санаата дьэҥкэрэн кэлэн, ханнык да эдэр киһитээҕэр тобуллаҕас, ону ааһан муударай буолан ылыталыыра. Онон кэпсээнэ сүүс бырыһыан сымыйа диэн сапсыйан кэбиһэр кыах суох, кыларыйан турар кырдьык да буоллаҕына көҥүл.

Хаппытыан аҕыс саастааҕар (өрөбөлүүссүйэ иннинэ) дьонноро хас да ыал буолан дьукаахтаһан Саһар үрэҕин төрдүгэр баар Балаҕаннаах диэн сиргэ олорбуттар. Биирдэ икки-үс биэрэстэлээх сиргэ ыаллаһа сытар Хаҥха диэн алааска ханнык эрэ оҕонньор өлбүтүгэр анарааҥҥы оҕолору (оччотооҕуга биирдии балаҕаҥҥа иккилии-үстүү ыал дьукаах олороро) Балаҕаннаахха аҕалтаабыттар. Инньэ гынан биир кыракый балаҕан иһигэр уонтан быдан тахса оҕо мустубут. Улахан дьон бары кэриэтэ таҥаралаабыт оҕонньору «атаара» Хаҥхаҕа барбыттар. Итиччэ элбэх оҕо мустан баран, көрү көҕүлүттэн ылбыттар. «Чыычый, кэбиһиҥ, бүгүн дьааһык киэһэ» диэн сэрэтэ сатыыр эдьиийдэрин ким да истибэтэх.

Хараҥаҕа сасыһа оонньооһун үгэннээн турбут. Оччотооҕу оҕолор барахсаттар хайдах-туох оонньоон бутукаайдаммыттарын ким да билбэт (Хаппытыан оҕонньор ону сиһилии кыайан кэпсиир кыаҕа суох). Ол гынан баран оонньуулара бэрт суһаллык, кутталлаахтык түмүктэммит курдук.

Бэллэй Мэхээс диэн уол саспыт оҕолору көрдүү сылдьан, анныгар ким эмэ саспыта буолуо диэн, аан таһыгар ыйанан турар уһун суппун сону харбыалаан көрбүт. Сон кэннигэр ким да суоҕун билэн баран, тоҕо эрэ, ыйанан турар сон сиэҕэр аллараттан илиитин уган көрбүт. Арай сиэх иһигэр туох эрэ уһуктаах сылдьар үһү. Мэхээс бигээн көрбүтэ, быһах эбит. Уол илиитин салгыы өрө анньан испитэ, аны, илии тиийэн кэлбит. Быһата, быһаҕы туппут илии сон сиэҕэр саһан турар («сытар» диир табыгаһа суох) эбит. Уол куттанан сарылаабытынан сону арыйа баттаабыта, сон иһигэр киһи барыйан турар буолан хаалбыт. Иэрийэ-иэрийэ ытыыр, уҥуоҕа хамсыар диэри өлө куттаммыт уолу ким да улаханнык аахайбатах. «Кураанах сонтон куттанар куттас куобах, ырыган торбос…» диэн күлүү-элэк оҥостубуттар, ыстаҥалаһыы-сырбаҥалаһыы буолбут.

Хаппытыан көрдүүр уочарата тиийэн кэлбит. Кып-кыараҕас дьадаҥы балаҕаҥҥа киһи саһар сирэ бэрт кэмчи да буоллар, оччотооҕу оҕолор киһи үөйбэтэх-ахтыбатах сирин бары булан саһаллара. Хаппытыан көрдөөн балааскайдана сылдьыбыт. Хас да оҕону булбут. Түннүк анныгар турар түөрэккэй талах олоппоһу арыйа баттаан биир саһан олорор оҕону булан ылбыт. «Таҕыс. Булулуннуҥ» диэбитигэр, анарааҥҥыта «саҥарыма» диирдии тарбаҕын уоһугар чугаһатан үрбүт, күлэн хараҕа чаҕылыҥныыр үһү. Хаппытыан боруҥуй муннукка саһан олорор оҕо лаглаҕай буола иилистибит кугас сахсаҕар баттаҕын, саллаҕар төбөтүн, иннигэр лэскэйэн көстөр уй курдук иһин сыныйан көрөн баран соһуйан, хаһыытаан тоҕо ыстаммыт. Атын «оҕо» кэлэн саһан олорор эбит. Оонньуу онон түмүктэммит.

«Бэйэтин кэмигэр дьүөрэтэ суох дьыаланан дьарыктанар куһаҕан» диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох түмүгү оҥороот, Хаппытыан оҕонньор, дьиҥнээх бэйэтин киэбин ылынан, түөс-маас халлааны эрдэн киирэн бардаҕа.


Абааһы Хаата

Сылгыһыт Хабыыча

Сылгыһыт Хабыыча нэһилиэктэригэр бастакы холкуостар тэриллибиттэрэ бэһис сылын үөрүүлээх ыһыаҕыгар сиэхтээх байтаһын биэлэрин көрдөөбүтэ хаһыс да күнэ. Айылҕа барахсан ситэн, силигилээн ахан турара, хатыҥ чараҥнарга сэбирдэхтэр суугунууллара, нуоҕай солко мутукча күөх киистэтин анньынан нуоҕалдьыйа хамсыыра, мүөттээх сытынан дыргыйара, эркэнэ хара тыаларга кэҕэлэр куоталаспыттыы этэн чоргуйаллара, араас өҥнөөх сибэккилэринэн симэммит сыһыыларга күөрэгэйдэр күөх дьүрүс салгыҥҥа уйдаран дьурулата туойаллара. Айылҕа барахсан ити алыптаах кэрэтэ эдэр киһи кутун-сүрүн көтөҕөрө, күүһүгэр күүһү эбэрэ, көтүөҕэр кыната эрэ суох курдук сананан ис-иһиттэн үөрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн, муннун анныгар киҥинэйэн ыллыыра.

Ол иһэн санаан кэллэ, аны аҕыйах хонугунан кыһыны быһа кэтэспит ыһыахтара буолуоҕа, кэрэ бэйэлээх, нарын-намчы кыргыттар оһуохай этэн наскылдьыһыахтара, быыппастар быччыҥнаахтар, быһый атахтаахтар күөн көрсүөхтэрэ, күрэс былдьаһыахтара, түргэн атахтаах сылгылары сүүрдүөхтэрэ. Хабыыча ыһыахтарга оонньуон, күрэс былдьаһыан олус баҕарара. Ону санаатаҕына этэ-сиинэ кычыгыланара, чэпчээбиккэ дылы буолара. Былыргы күүстээхтэр сылгыны оҕуурдаммакка тутар сурахтарын истэрэ. Ол иһин ону боруобалаан кыра сылгылары сырсан иһэн көҕүллэриттэн ылан умса баттаан, бас быатын кэтэрдэр үгэстэммитэ.

Салгыы хас да сыллааҕыта, саҥардыы буутун этэ буһан, холун этэ хойдон эрдэҕинэ, ыһыах аҕай иннинэ эһэтэ Улуу Сыһыыга сиэнин Хабыычаны ыҥыран илдьибитин саныы истэ. Кырдьаҕас дьон-сэргэ көрбөтүгэр сиэнин боруобалыыр санаалааҕа. Остуол ньуурун курдук көбүс-көнө хонууга кэлэн, сэрэммиттии оргууй эргим-ургум көрбүтэ уонна: «Тукаам, кылыйан боруобаланан көр эрэ», – диэбитэ. Эргэ өрбөххө суулаан аҕалбыт туоһун түөртүү хаамыы мээрэйдээн уон икки туоһу ууран биэрбитэ. «Дьэ, тоойуом, хайдаххыный-туоххунуй? Бэйэҕин көрдөр эрэ! Былыр бэйэм эдэр-сэнэх эрдэхпинэ кистээн оонньообут туоһум», – диэт, мичээрдээбитэ.

Загрузка...